Сэтинньы ый 18 күнэ — Тымныы Оҕонньор төрөөбүт күнэ.

Тымныы тыйыс кыһыннаах Сахабыт сирин киэн туттуута, томороон тымныы символа — Тымныы Оҕонньор бүгүн, сэтинньи ый 18 күнүгэр төрөөбүт күнэ. Тымныы Оҕонньорбутун биһиги сахалар таптаан — Эһээ Дьыл, Чысхаан диэн ааттыыбыт. Кини биһиэхэ алтынньы ыйтан саҕалаан муус устар ыйга диэри кэлэн ыалдьыттаан ааһар. Кырачаан оҕолор олуһун диэн күүтэр кэмнэрэ — Саҥа Дьыл аптаах киэһэтэ. Бу күн Тымныы Оҕонньор хас ыал аайы кэрэ бэлэхтэри көстүбэккэ сылдьан кэһии хааллартаан ааһара, оҕо эрэ буолбакка, улахан дьон кытта кэтэһэр үтүө үгэһэ.

Онон, оҕолор, Тымныы Оҕонньорбутун төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн биэриэххэйиҥ! Уонна Тымныы Оҕонньорбутугар бу күнтэн ыла баҕа санаабытын этэн, сурукта суруйа туруохайыҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *