История этэринэн… 99 сыл анараа өттүгэр, 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Бүтүн Арассыыйатааҕы толорор киин кэмитиэтин Президиумун уурааҕынан Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ.
Бу саха омугар улахан ситиһии, саҥа сайдыыга төһүү күүс буолбута. Маны ситиһэргэ саха чулуу уолаттара Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар кылааттара үгүс.
Онтон 1992 с. муус устар 27 күнүгэр Верховнай Совет ХII ыҥырыылаах мунньаҕар Саха өрөспүүбүлүкэтин Конституцията ылыныллыбыта. Саха омук чулуу уолаттарын көмөтүнэн, бу күнтэн ыла Саха Сэбиэскэй автономнай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ.
Күндү биир дойдулаахтарбыт бука барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Сахабыт сирэ сылын ахсын үүнэ — чэчирии сайдарын туһугар, бары биир санаанан сиэттэрэн, күүстээх сомоҕо буолуоҕуҥ!
Киэҥ Ньурбабыт, Күөх Ньурбабыт, дьоллоох туоната силигилии сайыннын! Экология сылыгар аналлаах “Тыыннаах Куорат-2021” култуурнай – спортивнай фестиваль хоровой коллективтарын көрүү күрэҕин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт!