Ыам йыйн 22 күнэ – Ньукуолун күнэ. Сахаларга бу күн – сайыны көрсөр бырааһынньык. Бүгүн хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, кус буһар.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ айар талааннаах 70 үбүлүөйдээх сааһын ыла, Антонова Мария Васильевна “Кэрэлиин күнү көрсө айанныыбын..” диэн дьоһун быыстапканы дьон-сэргэ сэҥээриитигэр таһаарабыт.
Мария Васильевна үгүс сыллар тухары айар-тутар дьаныардаах, кээмэйдэммэт сыралаах үлэлээх, дуоһуйуу бэлэхтээх сырдык сыдьаайын өрө туппут саха мааны Далбар Хотуна буолар. Кини Н.И.Харитонов — Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД иһинэн аҕам саастаах дьоҥҥо анаан үлэлиир «Палитра» уруһуй куруһуогар сөбүлээн сылдьыбыта номнуо үһүс сылыгар барда. Мария Васильевна туспа, ураты эйгэлээх, саҥаттан саҥаны арыйар, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар, төрөөбүт түөлбэҕэ таптал үөрүүтүн олохтуур дьоһун үлэлээх киһи. Кини уруһуйдаабыт үлэлэрэ араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан үрдүк ситиһиилээхтэринэн биһиги киэн туттабыт.
Күндү Мария Васильевна!
Өрүү маннык сырдык санаалаах, сайаҕас майгылаах, уран дууһалаах сылдьан, дьоҥҥун — сэргэҕин үөрдэ-көтүтэ тур!
Баҕарабыт эйиэхэ үрүҥ күн сардаҥатын, уунан тиийбэт быйаҥнаах, кэһэн тиийбэт кэскиллээх дьоллоох олоҕу. Үтүө көмүс санааҥ үйэлэргэ тэнийдин, сырдык ыра санааҥ сыдьаайа тыктын, сатабыллаах олоҕуҥ сыралыйа сырдаатын, үйэлээх үрдэлиҥ өрөгөйө үрдээтин!
Уой даа, Мария Васильевна, талааҥҥар өрүү сүгүрүйэр этим да, саҥа үлэлэргин көрө сөхтүм. Персональнай выставкаҥ аһыллыбытынан истиҥ эҕэрдэ! Үтүө кэмнэр эбитэ буолла, сирэй көрөн астыныа этибит. Ол эрэн элбэх киһи көрүө-сэргиэ диэн эрэнэбин. Айар аартыктарыҥ арылла турдуннар, хартыыналарыҥ, хоһоонноруҥ өссө элбии турдуннар!!! Биир түмсүүгэ сылдьар Анна 🤩🤩🤩👍👍👍🌹🌹🌹😘🙌
Наһаа Да кэрэ хартыыналары көрөн санаам сырдаата, хоһооннорун истэммин дууһабар иэйии киирдэ.
Оноьуктара кэрэлэрин 😍👏👍🏻 хоьооно да учугэйэ👏👏👏💐