Самаан сайын барахсаны былыр — былыргыттан хас биирдии саха ыала Аар айылҕаҕа сүгүрүйэн, аал уоту оттон, сир — дойду иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа арыылаах алаадьынан, үрүҥ сылгы сиэлинэн, кырылыы кыынньыбыт кымыһынан айах тутан күндүлүүр үтүө үгэстээх. Бу үгэһи тутуһан «Талба талааннаахтар түһүлгэрэ» НФК кыттыылааҕа республика биллэр тойуксута ,оһуокайдьыта. СӨ норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката Сухаринова Валентина Егоровна дьиэ кэргэнин түмэн, сайылыктарыгар көһөн,сайыны көрсүүлэрин сиэрин — туомун толорон көрдөрдүлэр.
Күн Айыы дьоно,
Олорор эйгэҕитинэн,
Өбүгэҕит утумунан
Үгэстэри тутуһан,
Сиэри — туому толорон,
Үүнэн — сайдан силигилээҥ,
Айан — тутан күөгэлдьитиҥ,
Сырдыгынан сыдьаайыҥ,
Сылааһынан илгийиҥ!