«Төрүттэрдиин төбүрүөннээн, аймахтардыын алтыһан түһүлгэни төрүттүөҕүҥ» дьиэ кэргэн түһүлгэтин онлайн-күрэҕин балаһыанньата.
Буолар күнэ: 2021с. бэс ыйын 23 күнэ.
Платформа: dk_kytalyk инстаграм, сайт dkkutaluk.ru
Тэрийээччилэр:
Н.И.Харитонова – Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа.
Күрэх сыала – соруга:
• Өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэстэри үйэтитэн, сиэри – туому тутуһуу, кэнчээри ыччакка тиэрдии.
Кыттааччылар:
• Ньурба олохтоохторо, сааһыттан хааччаҕа суох.
Күрэх ирдэбилэ:
✅ Күрэххэ дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥастаах түһүлгэлээн олорор видеоролик ирдэнэр (3 мүн. уһуна суох)
✅ Күрэххэ кыттыы усунуоһа – 500 солк
Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ:
✅ Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһа-саба.
✅ Сандалы сахалыы аһын арааһа, иһитэ-хомуоһа.
✅ Тиэргэн тупсаҕай көстүүтэ, киэргэтиитэ.
✅ Күрэххэ айымньылаахтык сыһыаннаһыы.
Түмүк таһаарыы:
1,2,3 миэстэлэр олохтоноллор, кыттааччыларга электроннай сертификаттар ыытыллаллар.
Сүрүн бириис – ньирэй
Сайаапкалары бэс ыйын 22 күнүгэр диэри Tanya-antonova87@mail.ru эл.аадырыска ыытаҕыт.
Билсэр нүөмэргит – 89841137786
Балаһыанньаҕа уларыйыылар киириэхтэрин сэп.
«Киэн туттуум – киэргэлим, силигим ситиитэ — симэҕим»
ыҺыахха кэтиллэр саха дьахтарын бэйэ оҥоһук киэргэлин аһаҕас күɵн күрэһин балаһыанньата
Ыытыллар кунэ-дьыла: 2021 с. бэс ыйын 19 күнэ
Ыытыллар миэстэтэ: куйаар ситимэ dk_kytalyk «Кыталык»
Күɵн күрэс сыала-соруга:
— саха норуота үйэттэн үйэ5э илдьэ кэлбит ойуутун-мандарын, оҺуорун-бичигин, симэх кэтиллэр аналларын сɵпкɵ кэтиллэр үɵрүйэхтэрин сɵргүтүү, олуктарын ууруу, киэҥ эйгэҕэ тиэрдии;
— айар талааннаах дьону түмүү, арыйыы, үлэлэрин дьон-сэргэ сыанабылыгар таһаарыы;
— илиинэн үлэ, иис-күүс үлэтин сыанабылын ɵйдɵтүү.
Күɵн күрэс түҺүмэхтэрэ:
ОҥоҺуктар кɵрүҥнэрэ:
1. Тирииттэн симэх;
2. Оҕуруонан симэх;
3. Сиэлтэн симэх;
4. Туостан симэх;
5. Аныгы материаллартан симэх.
Күɵн күрэс ирдэбиллэрэ:
— күɵн күрэскэ биирдиилээн айар талааннаах республика олохтоохторо уонна ыалдьыттара кыттыыны ылаллар;
— күɵн күрэскэ кыттааччы ыҺыахха кэтиллэр саха дьахтарын бэйэ оҥоҺук киэргэлин кɵрдɵрɵр. Коллекция хаартыската, кылгас аннотацията (айымньы аата, туох матырыйаалтан оҥоҺуллубута), маастар үлэлии олорор түгэннэриттэн хаартыскалар баар буолаллара булгуччу ирдэнэр. Коллекциянан кыттааччы үлэтэ 5-тэн итэҕэҺэ суох буолар. Коллекция ханнык баҕарар дьон араҥатыгар ананар;
— кыттыы иҺин тɵлɵбүр 500 солк.;
— сайаапка бэс ыйын 18 күнүгэр диэри ылыллар.
Күɵн күрэс тумугэ:
Дьүүллүүр сүбэ күɵн күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарга анал номинациялары туттарар, бирииҺинэн наҕараадалыыр. Сүрүн бириис – ньирэй.
Билсэр телефоннаргыт:
89248778034,
89640771970
«Субуллар уһун суһуох» онлайн — күрэх балаһыанньата.
✅ Буолар күнэ: 2021с. бэс ыйын 19 күнэ.
Платформа: dk_kytalyk инстаграм, сайт dkkutaluk.ru
✅ Тэрийээччилэр: Н.И.Харитонова – Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа.
✅ Күрэх сыала — соруга:
— Кыыс оҕо уонна дьахтар кэрэтин, уһун суһуоҕун үйэттэн үйэҕэ холобур буоларын көҕүлээһин.
— Олоҥхоҕо хоһуллубут тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куо уобараһын үйэтитии.
✅ Күрэх ирдэбилэ:
Күрэх 4 бөлөҕүнэн арахсан ыытыллар, ол курдук;
▶️Маҥнайгы бөлөх – уҺуйаан саастаах оҕолор (3-6)
▶️Иккис бөлөх – алын кылаас үөрэнээччилэрэ.(7-11)
▶️Үһүс бөлөх – орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ (12-16)
▶️Төрдүс бөлөх – улахан дьон (17 саастарыттан үөһээ)
✅ Сыаналааһын сүрүн ирдэбилэ:
Суһуоххутун сантиметровканан кээмэйдээн видеоҕа устан ыытаҕыт. Видео 1 мүнүүтэттэн уһуна суох буолара ирдэнэр.
Кээмэйдээһин хайдах оҥоһуллар видеотын тэрийэр бөлөх WhatsApp нүөмэргитигэр сайаапка ыыппыт күҥҥүтүгэр ыытар;
Хас биирдии кыттааччыга портфолио оҥоһуллар (2-3 тупсаҕай хаартыска ирдэнэр).
Кыттыы иһин усунуос – 200 солк.
Түмүк бэс ыйын 19 күнүгэр тахсар.
✅ Түмүк таһаарыы:
Хас биирдии бөлөххө кыайыылаах быһаарыллар, ону таһынан дьүүллүүр сүбэ көрөн анал ааттары иҥэриэн сөп. Кыайыылаахтарга диплом, бириис туттарыллар. Хас биирдии кыттааччыга электроннай сертификат ыытыллар.
Сайаапкалары бэс ыйын 17 күнүгэр күнүс 12ч:00м. диэри тутабыт.
Билсэр номергыт: 89248611545
Тэрийэр хамыыhыйа балаhыанньа5а уларытыыны киллэриэн сеп.