Алгыс күнүн чэрчитинэн Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД «Киэн туттуум — киэргэлим, силигим ситиитэ — симэҕим» аһаҕас онлайн күрэҕи бэс ыйын 5 күнүттэн 18 күнүгэр дылы тэрийэн ыытта. Ньурба куораттан, Малдьаҕартан, Чуукаартан, Күндээдэттэн, Антоновкаттан, Мархаттан, Сунтаар, Нам, Уус-Алдан, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан — уопсайа 17 уус харахтаахтар, тарбахтарыгар талааннаахтар кыттыыны ыллылар.
Күрэх 5 көрүҥҥэ арахсан ыытылынна, ол курдук:
- «Тирииттэн симэх»
- «Оҕуруоннан симэх»
- «Сиэлтэн симэх»
- «Туостан симэх»
- «Аныгы материаллартан симэх»
Күрэхпитин өйөөбүт спонсордарбытыгар махтанабыт:
- «Чиллэ» КХ, Зедгенидзев Л.В.
- «Кыталык» КД
- Оройуоннааҕы Култуура департамена
- КПК «ЦФС» Аргыскредит»
- «Мир ткани» ателье
- Токарева Анджела, сертификат на мастер класс
Күрэс түмүгэ @dk_kytalyk инстаграм сирэйбитигэр тахсыбыта.
Кыттааччыларбытыгар махталбытын тириэрдэбит! Өссө даҕаны көхтөөх кыттыыны ыла тураргытыгар, ситиһиилэри баҕарабыт!
Эһиги болҕомтоҕутугар күрэх кыттыылаахтара.