Бүгүн, алтынньы ый 26 күнүгэр Убайаан микрорайонугар, биһиги биир дойдулаахпыт уран тыллаах хоһоонньут, биллиилээх драматург, талааннаах тылбаасчыт Иннокентий Аксентьевич Дмитриев – Сиэн Чолбодук аатын саҥа уулуссаҕа иҥэрэр үөрүүлээх түгэни бэлиэтээтибит.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ эҕэрдэ тылы эттилэр “Ньурба куората” мунципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта М.К. Куличкина, куорат депутаттарын сүбэтин аатыттан М.В.Рожин, Ньурбатааҕы көһө сылдьар государственнай драматическай театр директора, уус — уран салайааччыта Ю.А. Макаров, Иннокентий Аксентьевич бииргэ төрөөбүт балтын кыыһа, Ньурбатааҕы поликлиника сиэстэрэтэ О.Д. Николаева, «Ньурбачаан нэһилиэгэ» МТ баһылыга М.Н. Семенова, СР норуодунай артыыската, Ньурба улууһун киэн туттуута В.П. Николаева.
“Кэлиэм, кэлэ туруом” хоһоону аахта СӨ үтүөлээх артыыһа Борис Борисов.
Биһиги ньурбалар киэн туттар биир дойдулаахпыт, поэт, драматург, тылбаасчыт Иннокентий Аксентьевич Дмитриев — Сиэн Чолбодук ыра санаатын толорон, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө аатын өлбөт үйэлээтибит, бу уулусса оҕо көйгүөр саҥатынан, ыччат дьон дьоллоох күлүүтүнэн туоллун!- диэн алгыспытын аныыбыт.