Төрүт үгэһи тутуһар, сиэри- туому ситэрэр, ситиһиигэ кынаттыыр «САЙДЫЫ» ыһыаҕа.
Сир-дойду Силигэ ситэн, Ото-маҺа Чээлэй күөҕүнэн киэркэйэн, Тупсан турар кэмигэр – Саха Ыһыах ыһар. Ыһыах ыһар – Үрүҥ Айыыларыгар, Сирдээҕи бука бары Үтүө иччилэригэр Сүгүруйэн сирдээҕи олох Чэчирии – чэлгийэригэр, Иэгэйэр икки атахтаах Байдам – байылыат олохтоноругар, Кэнчээри ыччата Кэскиллээх буоларыгар, Үйэлэри уҥуордаан Кэлбит үтүө үгэһи салҕаары, Ытык өбүгэлэригэр сүгүрүйэн Ситимин бөҕөргөтөөрү! Саха Автономиятын 100, …