Төрүт үгэһи тутуһар, сиэри- туому ситэрэр, ситиһиигэ кынаттыыр «САЙДЫЫ» ыһыаҕа.

Сир-дойду

Силигэ ситэн,

Ото-маҺа

Чээлэй күөҕүнэн киэркэйэн,

Тупсан турар кэмигэр –

Саха Ыһыах ыһар.

Ыһыах ыһар – Үрүҥ Айыыларыгар,

Сирдээҕи бука бары

Үтүө иччилэригэр

Сүгүруйэн сирдээҕи олох

Чэчирии – чэлгийэригэр,

Иэгэйэр икки атахтаах

Байдам – байылыат олохтоноругар,

Кэнчээри  ыччата

Кэскиллээх буоларыгар,

Үйэлэри уҥуордаан

Кэлбит үтүө үгэһи салҕаары,

Ытык өбүгэлэригэр сүгүрүйэн

Ситимин  бөҕөргөтөөрү!

Саха Автономиятын 100, Ньурба куорат 25 үбүлүөйдээх Ньурба Патриотун сылларыгар аналлаах Төрүт үгэһи тутуһар, сиэри — туому ситэрэр, ситиһиигэ кынаттыыр «Сайдыы»  ыһыаҕын тэрээһинигэр үлэлээтилэр “Ньурба куорат” МТ дьаһалтатын, Н.И. Харитонов – Николай Чуор “Кыталык”  КД үлэһиттэрэ уонна кулууптаах формированияларын талба талааннаахтара, самодеятельность кыттыылаахтара, Ньурба куорат сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдарын иитиллээччилэрэ, тэрилтэлэрэ уонна куорат олохтоохторо. Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыыны ылла. Программа быһыытынан туруоруллубут тэрээһиннэр бары үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. Буоларын курдук быйылгы үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар улахан өйөбүлү-көмөнү спонсордар оҥордулар. Кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Өссө төгүл бар дьоммутун уйгулааах ыһыахтарынан эҕэрдэлиибит!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *