⚜️НЬУРБА ОРОЙУОНУГАР ОЛОХТООХ ОҤОРОН ТАҺААРЫЫНЫ САЙЫННАРЫЫ,
НЬУРБА КУОРАККА ТҮӨЛБЭНЭН БЭЙЭНИ САЛАЙЫНЫЫНЫ САЙЫННАРЫЫ СЫЛА БЭРИЛЛИБИТИНЭН
«УДЬУОРБУТУН УТУМНААН, ҮГЭСПИТИН ҮЙЭТИТЭН»
фольклор күрэҕин балаһыанньата
✅Тэрийээччилэр: «Ньурба куорат» муниципальнай тэриллии, Н.И.Иванович — Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа.
✅ Буолар күнэ: Олунньу ый 24 күнэ, 14:00 ч. регистрация;
15:00 ч. сыанаҕа көрүү;
✅ Курэх сыала-соруга: Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын таптыырга, Саха буоларынан киэҥ туттарга, баай фольклорун, ох тыллаах чабырҕаҕар, олоҥхотугар, ырыатыгар-тойугар, хомуһугар уһуйуу. Талааннаах оҕолору арыйан, киэҥ араҥаҕа таһаарыы, олоҥхо эйгэтин үөскэтии;
✅ Сүрүн ирдэбиллэр: кыттааччы фольклор араас көрүҥнэринэн кыттыыны ылар;
- тыыннаах доҕуһуол көҥүллэнэр (фонограмма);
- биирдиилээн, ол эбэтэр бөлөҕүнэн кытталлар;
- нүөмэргэ дьүөрэлээн сахалыы таҥас-сап ирдэнэр;
- хас биирдии кыттааччыттан 200 солк. усунуос;
- бөлөх кыттааччыларыттан 150 солк.
✅ Күрэх көрүҥнэрэ:
Олоҥхо, тойук, чабырҕах, норуот ырыата, хомус;
✅ Кыттааччылар бөлөҕүнэн арахсаллар:
1 бөлөх (4-7 саастаахтар);
2 бөлөх (8-12 саастаахтар);
3 бөлех (13-17 саастаахтар);
⚜️ Наҕараадалааһын:
Кыайыылаахтарга анал дипломнар уонна сертификаттар туттарыллыахтара.
✅ Сайаапканы
89841040254-(Николаева Р.Н.),
89841137786- (Горохова Т.Г.) нүөмэрдэринэн биэрэҕит.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарбыт түмүгэ уларыйбат, балаһыанньаҕа уларыйыылар тахсыахтарын сэп.