Олунньу ый 24 күнүгэр «Кыталык» КД үгэс быһыытынан ыытыллар «Удьуорбутун утумнаан, үгэспитин үйэтитэн..» оройуоннааҕы фольклор күрэҕэ 4 -тэн 18 сааһыгар диэри бөлөхтөргө арахсан ыытылынна. Бу сырыыга хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччы ыраах сытар нэһилиэктэртэн тиийэ кэлбиттэрин тэрийээччилэр бэлиэтииллэр. Бу күн фольклор араас көрүҥэр: олоҥхоҕо, тойукка, хомуска, чабырҕахха уо.д а. хайысхаларга уопсайа 140 -ча оҕо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕо уһуйааннарын кырачаан кыттааччылара сахалыы таҥнан, улахан сыанаттан куттаммакка кыттыыны ылбыттарыттан, киһи эрэ үөрэр. Бу ааспыт тэрээһинтэн көрдөххө күрэх өссө да инникилээх диэн эрэнэбит, төрөөбүт тылбытын сайыннаран маннык хабааннаах күрэхтэри өссө да ыытыахпыт диэн бигэ эрэллээхпит.