Тэрийээччилэр: Ньурба улууһун Н.И. Харитонов — Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа
Ыытыллар күнэ-дьыла: 2023 с. кулун тутар 18 күнэ, 18:00
Ыытыллар миэстэтэ: Ньурба улууһун Н.И. Харитонов — Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа
Күрэх сыала-соруга: Араас хайысхалаах тэрээһини салайар эр дьон конферансьелар профессиональнай таһымнарын үрдэтии, киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии.
Күрэх түһүмэхтэрэ:
- Бэйэни билиһиннэрии 3 мүн.
- Кэнсиэр нүɵмэрин биллэрии (эһиги биллиилээх ырыаһыт, мелодист айар эбэтэр ахтыы киэһэтин ыыта сылдьаҕыт… Холобура: Никифор Семенов, Владимир Васильев — ХХ, Игорь Егоров, Антон Иванов)
- Ɵрɵгɵй түһүмэҕэ (текст ааҕаллар)
- Сорудаҕы толоруу «Бэриллибит теманы кɵрɵɵччүлэргэ таба тиэрдии» (1,5 мүн.)
- Стендап жанрга кыттааччы талан ылбыт тематын сайыннаран 2 мүнүүтэҕэ Аан дойду сонуннарыттан саҕалаан, дьиэ иһинээҕи отон саҕа сонуннарга тиийэ кэпсиир (дьиэҕэ сорудах)
- Кɵрɵɵччүлэри кытта оонньуу (3 мүн. уһуо суохтаах)
Күрэх ирдэбиллэрэ:
— күрэххэ 18 — тан үɵһээ саастаах биирдиилээн дьон кыттыыны ылаллар;
— сценическэй кɵстүүм;
— кыттааччы 1000 солк. взнос тɵлүүр. Бэйэни туоһулуур докумуон;
— сайаапканы кулун тутар 17 күнүгэр диэри 89248778034 нүɵмэргэ ыытаҕыт (күрэх бириэмэтигэр сайаапка ылыллыбат);
— балаһыанньаҕа уларыйыылар киириэхтэрин сеп.
Сыаналанар:
— тылы чуолкайдык саҥарыы (владение техникой речи);
— чаҕылхай, ураты тас кɵстүү (яркость и красочность сценического костюма и выступления);
— артистичность;
— кɵрɵɵччүлэри кытта сибээһи олохтооһун, умнуллубат бырааһынньык эйгэтин тэрийии;
— тылы таба уонна сɵпкɵ туттуу (оригинальность авторского текста, владение словом).
Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтарга анал номинациялары туттарар, сыаналаах бирииҺинэн наҕараадалыыр. Сүрүн бириис: 50 000 солкуобай .
Билсэр телефоҥҥут: 89248778034
Тэрийэр хамыыһыйа