Муус устар 8 күнүгэр «Кыталык» КД Ньурба оройуонун саахымат, дуобат федерацията тэрийэр оройуоннааҕы саахыматка биирдиилээн киирсии иһин турнир буолан ааста. Куорат оскуолаларыттан, Антоновкаттан, Дьаархантан,Күндээдэттэн, Маалыкайтан тиийэ уопсайа 50 тахса киһи, ол иһигэр 36 оскуола үөрэнээччилэрэ уонна 16 улахан дьон кииристилэр. Турнир кылаабынай судьуйата Яковлева А.Г. күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытта.
Эҕэрдэ тылы үөрүүлээх быһыыга – майгыга эттилэр : “Ньурба оройуона” МО аҕа баһылыга А.М.Иннокентьев, Ньурба оройуонун физическай культуратын уонна спордун салайааччыта Р.А.Алексеев, Оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ А.В.Иннокентьев.
Маннык хабааннаах турнирдар өй үлэтигэр сүдү оруолу оонньуулларын бары билэбит. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ куорат иһигэр, саахыматка, шашкаҕа оройуоҥҥа оҕолортон саҕалаан ветераннарага тиийэ бэйэ икки ардыгар күрэхтэр элбэхтик ыытыллар буолбуттара хайҕаллаах суол. Үүммүт нэдиэлэҕэ муус устар 11 күнүгэр ветераннарга шахматка, дуобатка, муус устар 14 күнүгэр оскуола оҕолоругар оройуоннааҕы нуучча дуобатыгар, муус устар 15 күнүгэр сүүс харахтаах дуобатка күүстээхтэри сүүмэрдир аһаҕас күрэхтэр буолалларын санатабыт.