Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр «Кыталык» КД Ньурба улууһун ветераннарын икки ардыларыгар ыытыллыахтаах Зональнай күрэхтэһиигэ сүүмэрдиир спартакиада үөрүүлээх быһыыга – майгыга арылынна.
Тэрээһин хамаандалар парадтарыттан саҕаланна. Бүгүн спартакиадаҕа кытта диэн Ньурба оройуонун нэһилиэктэриттэн уонна Ньурба куоратыттан уопсайа 158 киһи суруттарда. Ыраах Хорулаттан, Күндээдэттэн, Ньурбачаантан, Малдьаҕартан, Маалыкайтан, Үөдэйтэн уо.да. нэһилиэктэртэн спорт бастыҥнара киирэн сүүмэрдэниэхтэрэ, аны сайын Ньурбаҕа ыытыллар Бүлүү бөлөх улуустарын зональнай ветераннар спартакиадаларыгар Ньурба чиэһин көмүскүөхтэрэ.
Хамсык иннинэ маннык хабааннаах спартакиада Сунтаар улууһугар түмүктэммитэ, быйыл үс сыл буолан баран, күөх Ньурбабыт от — мас сана тыллыытын саҕана, бэс ыйыгар ыытыллар быллааннаах.
Эҕэрдэ тылы эттилэр: «Ньурба оройуона» МО аҕа баһылыга А.М.Иннокентьев, “Ньурба куорат” МТ аҕа баһылыга Г.В.Игнатьев, Ньурба оройуонун ветераннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Т.П.Олесова, Ньурба оройуонун спортка уонна физическай культураҕа салайааччыта Р.А. Алексеев, Ытык Сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Николаев Н.В.
«Кыталык» КД эр дьонун толоруутугар эҕэрдэ ырыа кэнниттэн оһуокайынан спартакиада аһыллыытын түмүктээтилэр.
Үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн ветераннар секцияларынан арахсан хабылыкка , хаамыскаҕа, дартска, дуобатка уонна саахыматка күрэхтэһэ тарҕастылар. Икки күннээх сүүмэрдиир күрэххэ сорох ветераннар иккилии-үстүү көрүҥҥэ кытталларыттан көрдөххө, олус тыҥааһыннаахтык ааһар чинчилээх.
Күндү ветераннарбыт, доҕотторун көрсөн, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, бэйэ – бэйэлэрин кытта билсэн бу спартакиадаҕа көхтөөхтүк кыттан, аны сайын дойдуларын чиэһин үрдүк таһымнаахтык көмүскүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.