Үлэ, улэ барахсан буоллаҕа дии, олох туллар тутааҕа: дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир.
Муус устар ый үгүс тэрээһиннээх, элбэх түбүктээх сааскы ыйынан биллэр.
Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэттэргэ уонна оҕолорго көмө оҥорор киин улэһиттэрэ Саха республикатын үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ улэ сылыгар анаан ыытар “ Славим песней человека труда” фестиваль күрэҕэр үс улахан бырайыак оҥорон ыыттыбыт. Этно-инструментальнай бөлөх толоруутугар “Сата ууһа”дьүһүйүү, «Сахам дьахтара» ырыа үлэ киһитин уруйдууллар-айхаллыыллар, үлэ үөрүүтүн, сирдээҕи дьолу хоһуйаллар. «Ийэ алгыһа» монолог ийэ сэриигэ барар уолугар этэҥҥэ сылдьан эргийэн кэлэригэр алгыс тылын аныыр, иһирэх иэйиитин эйээрэр.
Көхтөөх, эрчимнээх улэни өрө тутан улэлиир кэллэктиип айар үлэ алыбар ылларан, айымньылааҕы айан-тутан, кылгас кэм иһигэр элбэҕи үөрэтэн, ылынан, оҥорон таһааран, биир үөлээннээхтэрин, доҕотторун дьоҕурдарынан, сатабылларынан сөхтөрдүлэр.
«Ууһу кытта олорор киһи уус буолар» диэн өс хоһооно этэринии, көрдөһүүбүтүн ылынан улэлэспит, дьон талаанын арыйбыт, сатабыллаахтык салайан, үөрэппит-такайбыт Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД үлэһиттэригэр, чуолаан Айаана Антоноваҕа, культура департаменын специалистарыгар (Адыл Искаков, Василий Чарпыков), уонна Степан Васильев аатынан араас хайысхалаах гимназия педагогар Александр Егоровка, 10 кылааһын үөрэнээччитигэр Даяна Лазареваҕа киин аатыттан махталбытын тириэрдэбит.
Олус интэриэһинэй, саҥа бырайыак улэтэ биһигини билиһиннэрбититтэн, салгыы саҥа саҕахтары арыйбытыттан бары астынан, түмүккэ дьоммутугар сүрэхтээн, үөрэ-көтө санаа үллэстэн түмүктээтибит. Даяна, блогер, ураты көрүүлээх видеограф, саҥа улахан бырайыакка үлэлэспит санаатын долгуйа үллэстибитэ, культура департаменын салайааччытын солбуйааччыта, Альбина Ивановна хайҕабыла, кииммит үлэһиттэрин сөхпүт-махтайбыт тыллара, хаһан да сыанаҕа сылдьыбатах дьону кынаттаата, истиҥник долгутта…