Муус устар 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах күн, 1922 сыллаахха, бу күн саха норуотун эдэркээн уолаттара Саха сирэ Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ буоларын ситиспиттэрэ.
Ньурба улууһун чулуу уола, Саха сирин сайдыытыгар албанааттаах олоҕун суолун анаабыт Степан Баһылыйапка аналлаах скверыгар бу үөрүүлээх, Саха омуга сайдарыгар төһүү күүс буолбут күҥҥэ аналлаах митинг буолла. Биир дойдулаахтарын Ньурба оройуонун депуттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванович Евсеев, “Ньурба оройуона” МО баһылыгын бастакы солбуйааччыта Николай Иванович Бурнашев, “Ньурба куорат” МТ баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев, Ньурба оройуонун эдэр ыччат политикатын салайааччыта Валерия Гаврильевна Владимирова уонна Степан Васильев аатынан араас хайысхалаах гимназиятын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Иванов Костя эҕэрдэлээтилэр.