Сандал саас салаллан кэлиитэ, эйэ, үлэ, маай бырааһынньыгын күн — ыам ыйын 1 күнүгэр киэһэ аҕыс чаастан “Кыталык” култуура дыбарыаһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, автор, мелодист, ылбаҕай ырыаһыт Максим Федоров – Ырыа Махсыым «Тапталтан тыллыбыт иэйиилэр» 55 сааһын бэлиэтиир айар киэһэтэ үрдүк таһымҥа буолан ааста уонна ылбаҕай ырыаларын хомуурунньуга бу дьоро киэһэҕэ сүрэхтэннэ.
Максим Иванович киэҥ Ньурбабыт, ырыа айааччылары, ылбаҕай ырыаһыттары сырдатар сыаллаах “Ньурба ылбаҕай ырыаһыттара” проегын оҕо курдук бүөбэйдээн үлэлэппитэ хаһыс да сыла. Ньурба куорат олохтоохторугар сыанаҕа өр тахсыбатах сулустары саҥаттан чаҕылытан, айар киэһэлэрин оҥортоон, киэҥ араҥаҕа таһаартаан, бүгүн бэйэтэ сыанаҕа саҥа тахсардыы долгуйан, үөрэн дьоллонно.
Кэнсиэр Максим Иванович аатырбыт Ньурба туһунан ырыатынан үөрүүлээхтик арылынна. Айар киэһэни силигин ситэрэн, көрөөччүгэ Ырыа Махсыым хайдах айан – тутан, ырыаларын бу күҥҥэ диэри кимнээх ыллаан кэлбит историяларын быыһын сэгэттэ Лена Степанова. Айар киэһэҕэ Максим Иванович ыҥырыытын ылынан сонун ырыаһыттар Владислав Васильев, Серафим Винокуров, Илья Николаев, Сергей Никифоров, Анатолий Захаров, Адыл Искаков, Филипп Слепцов,Чаппандаттан “Эйээрэ” , Ньурбабыт киэн туттар “Элегия”, “Сэгэлдьийэ” ырыа ансаамбыллара уо д.а. көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһыгар сууланан ыллаатылар, истээччилэр куттарын туттулар. Кэнсиэр быыһыгар элбэх эҕэрдэ тыллара этилиннилэр, бочуоттаах грамоталар туттарылыннылар. Бу дьоро киэһэ Максим Иванович өр сылларга ханна да таһаарбакка, дьон дьүүлүгэр иһитиннэрбэккэ сылдьыбыт “Маҥнайгы тапталым” ырыатын бар дьонугар долгуйан туран бэлэх уунна.
Талааннаах киһи сыанаҕа сылдьан элбэҕи билэр, көрөр, онно саҥа иэйиилэр, санаалар киирэллэр. Ол курдук, ырыаһыт соҕотохтуу тахсан турбатын сыалтан 2019 сылга иккис проегын «Антураж – стиль песни» айан, олоххо киллэрбитэ. Дьэ, бу киэһэ, ол сыалын ситэрэн, бииртэн биир кэрэ антураж тахсан ырыаһыттары киэргэттэ, эбиитин иистэнньэҥнэр Таисия Кучурова, Фекла Иванова сахалыы таҥастара, дизайнер Марина Степанова оҥорбут оҥоһуктарын кыргыттар кэтэн көрдөрбүттэрэ көрөөччү болҕомтотун тарта.
“Тапталтан тыллыбыт иэйиилэр” хомуурунньукка үлэлээтилэр: ырыаларын ноталарын биир дойдулаахпыт Александр Дмитриев — Таммах суруйан,компьютерга таҥан киллэрдэ. Ньурба оройуонун мелодистарын, хоһоонньуттарын сырдатар “Олох устун ырыа аргыстаах” серия автора Римма Сидорова хомуйан бэчээккэ таһаартарда. Аныгы олох ирдэбилинэн Максим Иванович сорох ырыалара QR кодунан сирдэтэн даҕайдахха, ырыаларыгар Ньурба кэрэ айылҕата көстүүлээх клип көстөрө сөхтөрөр. Хомуурунньук күн сирин көрөрүгэр күүс- көмө, үбүнэн өйөбүл буолла Самангади Базарсадаевна Дондокова салайааччылаах Н.И.Харитонов- Николай Чуор аатынан “Кыталык” КД, тупсаҕай бэчээти оҥордо “ТупсАрт” кинигэ издательствота.
Максим Иванович айар киэһэтин кэлин көрө, ахта — саныы сылдьарыгар хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан үйэтиттилэр Альбина Афанасьевна сиэнинээн Ньурбатааҕы элбэх профильлаах гимназия 10 кылааһын үөрэнээччитинээн Дайаана Лазаревалыын.
Түгэнинэн туһанан бу бырааһынньыктааҕы дьоро киэһэ Ньурбабыт олохтохтоохторугар кэрэ бэлэх буолан тахсарыгар, бары кыттыһан үлэлээбит, көмө буолбут дьонугар Максим Иванович – Ырыа Махсыым барҕа махталын тиэрдэр!