Бүгүн, ыам ыйын 7 күнүгэр Улуу Кыайыы 78 – с сылын бэлиэтээн “Ньурба орйоуона” МО, “Ньурба куорат” МТ дьаһалтатын үлэһиттэрин кытта “Кыталык” КД ылбаҕай ырыаһыттара сэрии оҕолоругар, кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэригэр эҕэрдэлии ыалларынан сырыттылар. Тус олохторун- дьаһахтарын, туох кыһалҕалаах олороллорун туоһуластылар, бородуукта илдьэн кырдьаҕастар үөрүүлэрин үксэттилэр. “Кыталык” уолаттара сэрии кэмин саҕанааҕы ырыалары ыллыылларыгар, кырдьаҕастар долгуйан туран ыллаһан бэрткэ сэргэхсийдилэр. Түөрт сыл устата барыта фронт, Кыайыы туһугар бэйэни харыстаммакка, мөллүйүөнүнэн дьон олоҕун толук ууран туран Улуу Кыайыы улахан сыранан ситиһиллибитэ. Чугуруйары билбэт, хорсун-хоодуот санаалах, кыайыыны уһансыбыт Аҕа көлүөнэҕэ эҕэрдэ Улуу Кыайыы сылынан эҕэрдэлээн туран тус олохторугар дьолу- саргыны, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!