Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ыам ыйын 9 күнүгэр тиһигин быспакка күнү быһа буоллулар, ол курдук киэһэ 17 чаастан “Кыталык” КД Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун 4 курсун устудьуона Милена Егорова дипломнай үлэтин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарар киэһэтэ буолла. Туруоруу иннигэр бырааһынньыктааҕы кэнсиэр турда, анал байыаннай операцияҕа сылдьар оҕолордоох төрөппүттэри, кэргэннээх, аҕалаах дьиэ кэргэттэри уонна онтон эргиллэн кэлбит уолаттары чиэстээтилэр.
“Кыайыы иһин” театрализованнай туруоруу Милена Егорова сценарийынан, туруоруутунан оҥоһулларыгар наставник, СӨ култууратын туйгуна Альбина Тумусова күүс – көмө, сүбэ – ама буолла. Санатан этэр эбит буоллахха Милена 7 кылаастан Альбина Степановна “Айыы оҕолоро” театр студиятыгар сылдьыбыта, уһуйааччытын туйаҕын хатаран олоҕун култуураҕа аныыр сыаллаах үрдүк үөрэҕи бүтэрэн эрэр.
“Айыы оҕолоро” кулууптаах формированиетын үөрэнээччилэрэ бу театрализованнай туруорууга кыттаҕыт дуо? диэн этии киирбитигэр тута сөбүлэһэн оруоллары бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Манна сэрии кэминээҕи оскуоланы сана бүтэрэн үөрэххэ бараары сылдьар ыччат олоҕо көстөр: тыыл үлэтэ, уоттаах сэрии, доҕору сүтэрии… Аныгы кэм технологиятын туһанан, туруоруу музыката, уота – күөһэ көрөөччү болҕомтотун тардан, ытыс тыаһынан эдэр артыыстары уруйдаатылар. Оҕолор оруолга киирэн оонньоон дьон кутун туттулар.
Туруорууга биири бэлиэтиэххэ баҕарыллар: бу киэһэ оруолларга Ньурба куоратын бары оскуолалара, Антоновка орто оскуолата уонна Ньурбатааҕы техникумтан оҕолор кытыыны ыллылар. Маннык барыларын бииргэ, биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук илдьэ сылдьыы — бу буолар “Айыы оҕолоро” театральнай студия сыала – соруга.
Миленаҕа үөрэҕин этэҥҥэ бүтэрэн үлэһит киһи буолан, саҥа саҕахтара арылла туралларыгар, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕара хаалабыт!