«Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» — диэн саха омукка бэрт бэргэн этии баар, ол курдук бүгүн ыам ыйын 20 күнүгэр «Кыталык» КД Ньурба куорат олохтоохторо, ытык – мааны ыалдьыттара бары биир сомоҕо буолан, үрүҥ халааттаах аанньалбытыгар Ольга Владимировна Ивановаҕа Соҕуруу Кореяттан этэҥҥэ эмтэнэн кэлэригэр “Эрэлбит Эһиэхэ, бар дьоммут! ” Аһымал кэнсиэр буолан ааста.
Бары билэрбит курдук, Ньурбатааҕы киин балыыһа кэллэктиибэ уруккаттан да биир иллээх дьиэ кэргэн курдук аһымал акциялары ыытан, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кэллэ. Ол курдук кинилэр бүгүҥҥү кэнсиэргэ туох баар сыраларын уурдулар: үлэ чааһын кэннэ, өрөбүллэрин аахсыбакка репетициялаан, бу сүдү үлэни дьон көрүүтүгэр таһаардылар.
Көрөөччү дохсун ытыһын тыаһыгар угуттанан араас фольклорнай дьүһүйүүлэр, биирдиилээн кэрэ куоластаах ырыаһыттар, бииртэн биир кэрэ үҥкүүлэр көһүннүлэр. Быраастарбыт бары да дэгиттэр талааннаахтара биһигини үөрдэр да, эмиэ да сөхтөрөр. Аһымал кэнсиэргэ Ньурбабыт ылбаҕай ырыаһыттара эмиэ туора турбакка кыттыыны ылбыттара кэрэхсэтэр.
Бу акцияҕа үлэлэспит бары коллегаларыгар, көрөөччүлэргэ махтал тылы эттэ улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Наталья Николаевна Павлова, кини Ольга Владимировнаттан уонна кини дьиэ кэргэнэ махтанан бассаап ситиминэн ыыппыт тылларын уйадыйан туран ааҕан иһитиннэрдэ.
Бу киэһэ аттыыламмыт билиэттэн 126000 солкуобай, үлэ уонна социальнай харалта управлениетын үлэһиттэриттэн 12550 солкуобай, уурунаҕа 26700 солкуобай – уопсайа 165250 солкуобай үс оҕолоох эдэр ийэҕэ көмө харчыны Наталья Николаевнаҕа туттардылар.
Түгэнинэн туһанан бу акцияҕа кыттыспыт дьоҥҥо барыларыгар, Ольга Владимировна этэҥҥэ эмтэнэн кэлэригэр эрэл кыымын сахпыккытыгар махталбытын тиэрдэбит!