❤️ Ньурба куорат олохтоохторун, ытык — мааны ыалдьыттарын ыам ыйын 2️⃣6️⃣ күнүгэр, киэһэ 18 чаастан барыгытын ДЦП диагнозтаах инбэлиит оҕо Москва куоракка Г.Н.Турнер аатынан национальнай научнай — чинчийэр медицина киинин оҕо травматологиятын уонна ортопедиятын салаатыгар операцияҕа барарын өйүүр❤️ «ЭН МИИГИННИИН БИИРГЭ БУОЛ» АҺЫМАЛ КЭНСИЭРКЭ күүтэбит. Бу киэһэ эһиэхэ эрэ анаан 30-тан тахса инбэлиит оҕолору кытта тэрилтэ салайааччылара ырыа — үҥкүү, фольклорнай дьүһүйүүлэри, биирдиилээн ырыалары толоруохтара. Ону таһынан икки ментальнай кэһиллиилээх кыргыттар илиилэринэн оҥорбут быыстапкалара туруоҕа. Бу оҕолор бары сыанаҕа саҥа тахсар бастакы холонууларын өйүөххүт диэн эрэллээхпит.
Ыам ыйын 26 күнэ, буолар сирэ «Кыталык» КД, киэһэ 18 чаастан, киирии билиэт сыаната 500 солкуобай. Билиэттэр «Кыталык» КД кассатыгар уонна общественнай тарҕатааччыларга атыыга бааллар. 📲 Билсэр телефон : 8(411)3423607.