Бүгүн, ыам ыйын 25 күнүгэр «Ньурба оройуона» МО баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Ньурба куорат олохтоохторун кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ олохтоохтор хаһааҥҥытааҕар да көхтөөх кыттыыны ыллылар. Баһылык бастаан туох үлэ бара турарын билиһиннэрдэ, былааннарын сырдатта. Биир бастакытынан Украинаҕа буола турар дьайыылары таарыйда, Ньурба улууһуттан 200 тахса киһи контрагынан уонна мобилизацияланан баран кытта сылдьалларын эттэ. Иккиһинэн аҕыйах сылынан буолаары турар 2027 сылга тохсус норуоттар оонньууларыгар күүстээх бэлэмнэнии үлэтэ барыахтааҕын, стадион тутуллуута хамсыахтааҕын, тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытыллыахтаахтарын тоһоҕолоото. Көрсүһүү ютуб каналга быһа эфиргэ тахсан, кыайан кэлбэтэх дьон боппуруостарын утарытынан суруйан тута сөптөөх хоруйдары ыллылар.
Кэлбит дьону интернет өҥөтө сыаналааҕын, уу, уот, септик уонна суол боппуруостара долгутта. Хас да киһи бэйэлэрин санааларын эттиннилэр.