Быйыл Ньурбабыт ыһыаҕа Арассыыйаҕа уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэ, Ньурба оройуонугар олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сылларыгар, Бэлитиичэскэй уопсастыбаннай диэйэтэл М.В.Мегежекскай төрөөбүтэ 125 сылыгар, норуот талааннааҕа, олонхоһут И.М.Харитонов — Саахардаах Дьуона төрөөбүтэ 135 сылыгар, социалистическай үлэ дьоруойа М.Ф.Алексеев төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «ҮЛЭ, ЭЙЭ, ТҮМСҮҮ» ыһыаҕа бэс ыйын 20 күнүгэр Кыталыктаах сиригэр ыһылынна.
Халлааммыт төһө да сөрүүн, былыттаах буоллар, трибунаҕа тоҕуоруһа мустубут Ньурбабыт куоратын олохтоохторун уонна ытык — мааны ыалдьыттарын болҕомтолоругар ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта дьон болҕомтотун күүскэ тарта.
Күнү быһа, тохтоло суох көрөөччүнү саататар араас тэрээһиннэр быыстала суох ыытылыннылар, олортон биирдэстэрэ ыһыах түһүлгэтигэр мустубут дьон сүдү интириэһин ылла «Киэргэллээх түһүлгэбит маанылаах таҥаһа» — оройуоннааҕы таҥас күрэҕэ. Эрдэ биллэриллибитин курдук, бу күрэх туспа балаһыанньанан, сайаапка хомуллан ыытылынна. Үгэс быһыытынан, урукку сылларга ким баҕарар кэлэн кыттар эбит буоллаҕына, бу сырыыга тэрийээччилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн, маастар үлэтин сыаналаан, саҥа талааннары арыйар, көҕүлүүр сыаллаах, күрэххэ иистэнньэҥ бэйэтэ тикпит сахалыы таҥастара кыттыыны ыллылар. Ол да буоллар, дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥаһы маассаҕа тарҕатар сыалтан — бу көрүҥҥэ атын маастар тикпит үлэтинэн кыттыыны элбэх дьиэ кэргэн ылла.
Күрэххэ кыттарга уопсайа 22 сайаапка киирбитин тэтимнээх ыытааччылар Светлана Васильева, Егор Михайлов бэрт сэргэхтик, сааһылаан ыыттылар. Тэрээһини эҕэрдэ үҥкүүлэринэн СӨ култууратын туйгуна Варвара Плотникова салайааччылаах «Эрэлчээн» оҕо үҥкүү ансаамбыла арыйда. Ону сэргэ Ньурбабыт оройуона тумус туттар маастардарын, тарбахтарыгар талааннаах иистэнээччилэр парадтарынан саҕаланна. Саха таҥаһа кэрэ эйгэтин сэҥээрээччилэр эрдэттэн кэтэһэ сылдьыбыт буоланнар, көрөөччүлэр сыананы төгүрүччү туран кыттааччылары өйөөн, ытыс тыаһын харса суох бэлэхтээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ күүстээх үлэни көрүстүлэр: тойон сүбэ бэрэссэдээтэлэ Лидия Михайловна Терехова СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нурба оройуонун норуодунай маастара, Федотова Валентина Дмитриевна, СӨ култууратын туйгуна, култуура бэтэрээнэ, иистэнньэҥ, Алексеева Мира Никитична, Ньурба оройуонун норуодунай маастара, Афанасьева Екатерина Егоровна, 2014 ыһыахха ыытыллыбыт саха таҥаһын Гран — При хаһаайката, норуот маастара, Харитонова Саргылана Михайловна, норуот маастара уонна урбаанньыт, “Улуу” бренд ааптара — Марина Андреева буолан көрдүлэр.
Күрэх бэрт сэргэхтик, Добун түһүлгэҕэ чөкө эйгэҕэ ыытылынна, бэрт кэрэ дьүһүннээх, мандар оһуордардаах үлэлэри көрөн, бэл диэтэр күммүт тыган үөрүүнү үксэттэ. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар таҥастарын сэргии, кичэйэн көрдүлэр — иһиттилэр. Күрэх түмүгүн быһаарыахтарыгар диэри саха омуга түҥ былыргыттан бу бүгүҥҥү күҥҥэ диэри саха таҥаһа хайдах үүнэн — сайдан кэлбитин көрдөрөр дьүһүйүүнү кэлбит эрэ дьон бары сөҕө — махтайа көрдүлэр. Манна көһүннүлэр Тыгын Дархан саҕаттан тирии таҥастар, иккиһинэн таҕыстылар Екатерина Егоровна Афанасьева тикпит сүктэр кыыс оҕуруо киллэһиктээх сарыы таҥаһа, дьон болҕомтотун тарпыт көрдөрүүнү салҕыы ХIX үйэтээҕи саха дьахтара мааныга кэтэр Мира Никитична Алексеева коллекцията түһүлгэни киэргэттилэр, билиҥҥи тэтимнээх үйэ бохо стиллээх таҥастарын хааман көрдөрдүлэр “Сэгэлдьийэ” ырыа ансаамбылын кэрэ куолара уонна көрдөрүүнү түмүктээтэ Ньурба оройуонун саҥа тахсан эрэр — “УЛУУ” брендын презентацията. Бу “Хара кыталык уонна суор” коллекция автора, эдэркээн талааннаах иистэнньэҥ ыччатка анаан айан — тутан таһаарбыт Марина Андреева буолар. Күннээҕигэ кэтэр бэрт судургу таҥастары ураты гынар оһуор — бичик аныгылыы таҥаска түһэрэр ньыманан оҥоһуллубуттар, сорох оһуордарын ааптар бэйэтин илиитинэн таҥаска уруһуйдаан оҥорбута таҥаска туспа суолу көрдөрдө. Саҥа коллекция Айаана Антонова салайааччылаах «Ньурбачаан» оҕо норуодунай фольклорнай коллективын оҕолорун барабаанынан доҕуһуолугар сүрэхтэммитэ көрөөччүгэ ураты патриотическай тыыны киллэрдэ. Мустубут дьон Марина айбыт таҥастарын сэҥээрэн дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр, ону таһынан бастакы саккаастар бу Добун түһүлгэттэн саҕаланнылар.
Тойон сүбэ быһаарыытынан долгутуулаах күрэх түмүгэ маннык буолла — анал ааттары ыллылар Моякуновтар дьиэ кэргэнэ, Павлова Юлиана, Дария Павлова, Чукрова Валентина уонна Хаҥаластан “Көмүс сүүтүк” түмсүү. Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһа (атын маастар тикпитэ) үһүс миэстэни ыллылар Өҥөлдьөттөн Григорьевтар дьиэ кэргэнэ , иккис миэстэ Федоровтар дьиэ кэргэнэ, бастакы миэстэни бу номинацияҕа ыллылар элбэх оҕолоох Семеновтар дьиэ кэрэгэнэ. Маастар бэйэтэ тикпит дьиэ кэргэнин таҥаһын көрүүтүгэр үһүс бочуоттаах миэстэни ылла Самсонова Варвара Егоровна, иккис миэстэни ылла Терехова Прасковья Дмитриевна уонна бастакы миэстэни ылла Яковлева Туйаара Михайловна. Аныгылыы дьахтар таҥаһыгар үһүс миэстэни ылла Кыппыгыроыа Яна Алексеевна, иккис миэстэни ылла Яковлева Ньургустана Иннокентьевна, бастакы миэстэни ылла Алексеева Лариса Николаевна. Сахалыы төрүт эр киһи таҥаһын көрүүгэ үһүс миэстэни ылла Алексеева Лидия Михайловна, иккис миэстэни ылла Петрова Анна Андреевна, бастакы миэстэни ылла Хаҥаластан Степанова Екатерина Семеновна , Сахалыы төрүт дьахтар таҥаһын көрүүгэ үһүс миэстэни ылла Алексеева Лидия Михайловна, иккис Алексеева Мира Никитична уонна бу анал аатка бастакы миэстэни ылла Прокопьева Виктория Михайловна уонна күрэх Кылаан кыайыылааҕынан буолуон буолла Ньурбаттан Григорьева Антонина Николаевна.
Быйылгы сахалыы таҥаһы көрүү өссө биир уратыта иистэнэр киһи ороскуота элбэҕин учуоттаан күрэх кыайыылаахтарыгар Ньурбатааҕы култураҕа департамена туруорбут харчынан сертификаттара буолан кыайыылаахтар үөрүүлэрэ үксээтэ.
«ҮЛЭ, ЭЙЭ, ТҮМСҮҮ» ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Киэргэллээх түһүлгэбит маанылаах таҥаһа» оройуоннааҕы күрэх этэҥҥэ эһиилгигэ диэри түмүктэннэ. Быйыл ыытыллыбыт маастардарга аналлаах күрэх элбэх дьоҥҥо иис кэрэ абылаҥын баһылыырга олук, саҥа иэйии киллэрэр төһүү күүс буолбута буолуо диэн тэрийээччилэр эрэллээхпит.
Салҕыы Кыталыктаах устун уйдаран ыһыаҕы кэрийэн Добун түһүлгэҕэ Ньурбабыт аатырар Үрүҥ түүн дьоро киэһэтигэр тиийэбит. Бу эрэ киэһэ кэлбит дьоҥҥо анаан “АМАКА” бөлөх уоттаах — күөстээх доҕуһуолугар ыллаатылар Николай Васильев — БАХСЫК, Максим Федоров — Ырыа Махсыым, Владимир Иванов, Афанасий Потапов, Евгений Охотоев, Егор Михайлов, бэйэтин ырыаларынан киэргэттилэр Светлана Васильева, Ася Иванова, Дмитрий Попов — Рамзес, кэргэннии Айсена, Михаил Федоровтар, саҥа тахсан эрэ сулуспут — Филипп Слепцов уонна үрүҥ түүн кэтэһиилээх ыалдьыта — Владисла Васильев — Кылыһах. Кэлбит ыалдьыттар сөбүлүүр ырыаларын ыллаһан, үҥкүүлээн дуоһуйа сынньаннылар.
Салҕыы уйгулаах ыһыахпыт түмүктүүр чааһа — күнү көрсүү сиэрэ — туома буолла. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьон күнү көрсө, алгыс ыла кэлбиттэрэ, сахабыт норуота биир дириҥ ис хоһоонноох, үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит итэҕэлбитин өрө тутан илдьэ сылдьарбыт туоһута буолар.
Эһиил 2024 сылга Ньурбабыт оройуона тэриллибитэ 200 cыла буолар. Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии үлэтэ бу ыһыахтан саҕаланан, элбэх ыалдьыты көрсөргө, тэрээһиннэри үрдүк таһымҥа ыытарга култуура үлэһиттэрэ күүскэ биир сомоҕо буолан быйылгы ыһыахха биир улахан, бэйэ — бэйэни ситэрэн биэрэр механизм быһыытынан үлэлиири толору дакаастаатылар.