Бүгүн, бэс ыйын 22 күнүгэр «Кыталык» КД үлэһиттэрин мунньаҕар «Ньурба оройуона» МО специалиһа Павел Михайлович Александров киирэн, «Кыталыктар» 33 айар сезоннарын сыл аҥаардааҕы көрдөрүүлэринэн үчүгэйдик түмүктээн эрэллэринэн махтанан туран баһылык Алексей Михайлович Иннокентьев аатыттан Бочуотунан грамоталары «Кыталык» КД специалистарыгар уус – уран салайааччыга Айаана Антоноваҕа, хореографтарга Анжелика Седалищеваҕа, Алина Софронееваҕа, Варвара Плотниковаҕа, звукооператор Аркадий Тимофеевка, специалист Лена Степановаҕа, режиссер Альбина Тумусоваҕа, иистэнньэҥнэргэ Екатерина Афанасьеваҕа, Фекла Ивановаҕа, костюмер Лидия Михайловаҕа үөрүүлээх быһыыга – майгыга туттартаата.
Сынньанары, өрөбүлү аахсыбакка түбүгүрэн дьон сынньалаҥын тэрийэр киһи – култуура үлэһитэ. Хайа баҕарар үлэ үтүө түмүктээх буолар, ону таба көрөн сыаналыыллара — бу буолар үлэһиккэ улахан наҕараада уонна өссө күүскэ үлэлииригэр көҕүлүүр күүс.