Этэҥҥэ эргиллээр!
Кэлээр кыайыы кынаттаах!….
Бу билигин хас биирдии дьиэ кэргэн- ыал ийэтин, оҕотун- баҕа санаата. Хас биирдии ийэ, аҕа, эбэ, эһэ сүрэҕин ынчыга.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбутугар, кэргэттэрбитигэр, аҕаларбытыгар санаабыт биир-
«Этэҥҥэ эргиллээр»
Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэринилээх буолуу күнүгэр саҥа ырыа күн сирин көрдө.
Тамара Николаева-Сарыада Ньурба хоһооно, Иванна Иванова матыыба, толоруута.
Ырыа ис хоһоонугар уһулуннулар Ньурбатааҕы «Буойуттар кэргэннэрэ» түмсүү, күннэри-түүннэри кэргэттэрин дьиэлэригэр күүтэр эдэр ийэлэр..
Муусуканы таҥан оҥорооччу Прокопий Григорьев, видеоны устааччы, таҥааччы Владимир Иванов, режиссер, «Буойуттар кэргэттэрэ» түмсүү салайааччыта Варвара Плотникова
Эргиллиҥ кыайыы кынаттаах!
Күүтэбит! Таптыыбыт! Ахтабыт!