«ТҮМСҮҮ ОҺУОКАЙА»

    Бүгүн, бүтүн Саха сирин үрдүнэн киэһэ 18 чаастан  Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана А.С.Николаев уурааҕынан ыам ыйын 25 күнэ «Оһуокай күнэ» биллэриллибитинэн балаҕан ыйын 7 күнүгэр «Сомоҕолоһуу оһуокайыгар» Ньурба куорат олохтоохторо үөрүүлэрин  үллэстэ бииргэ түмсэн,  тоҥолох — тоҥолохтортон ылсан күн эргииринэн  хаамсан өбүгэлэрбит былыр — былыргыттан илдьэ кэлбит оһуокайдарын Бүлүү эбэ хотун биэрэгин үрдүгэр өрө туттулар.

   Бу историяҕа киирэр үөрүүлээх күҥҥэ эҕэрдэ тылларын эттилэр «Ньурба оройуона» МО баһылыгын бастакы солбуйааччыта В.Н.Семенов, «Ньурба куорат» МТ баһылыга Г.В.Игнатьев,  СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Г.Р.Балакшин, Ньурба оройуонун култуураҕа Департаменын сал / айааччыта, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Аан Дархан этээччитэ Р.М.Тихонова.

    Ленин болуоссатыгар тоҕуоруһа мустубут оһуокай сүгүрүйээччилэригэр түһүлгэни саҕалаата СӨ Аан Дархан этээччитэ Р.М.Тихонова, ыҥырыыны ылынан ыраахтан – чугастан кэлэн оройуоммут тумус туттар оһуокайдьыттара Ньурбаттан СӨ Аан Дархан этээччитэ Прокопий Федоров, Валерий Платонов, СӨ Аан Дархан этээччитэ Таисия Кучурова, Түмүк нэһилиэгиттэн Иван Григорьев, Ньурбаттан Василий Чарпыков, Хорула нэһилиэгиттэн Люция Никифорова, «Кыталык» КД фольклор салаатыгар саҥа, инникигэ эрэллээх үлэһиппит – Наталья Степанова, Дьиикимдэттэн Мария Додохова, кылыгырас кылыһахтаах, туйах хатарааччы эдэр көлүөнэбит – Түмүк нэһилиэгиттэн  Анжелина Жданова, Виолетта Иванова, Ньурбаттан Айыына Афанасьева,  баай ис хоһоонноох оһуокай тылын этэннэр бастаан симиктик саҕаламмыт түһүлгэ ирэн, бүтэһигэр күөстүү оргуйан набережнай үрдүн биир гына ылла. Бүгүҥҥү тэрээһин Ньурба оройуонун олохтоохторо түмсүүлээхтэрин көрдөрөн Ил Дархан уурааҕын өйүүллэрин бигэргэттилэр, аны сааскыттан ыла ыам ыйын 25 күнүгэр «Оһуокай күнүн» үтүө үгэскэ кубулутарга бэлэмнэрин туоһулаатылар.  

   Кэлбит эрэ киһи астынан, үөрэн – көтөн үөлээннээхтэрин көрсөн ирэ – хоро кэпсэтэн  тарҕастылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *