Үлэ, үөрэх кэмэ саҕаланан «Кыталык» КД иһэ күөстүү оргуйар. Өрүс хаайыан иннинэ, сырыы баарын баттаһан, бу күннэргэ Дьокуускай куораттан гастролдьуттар кулууппутугар элбээтилэр.
Ол курдук, бүгүн,балаҕан ыйын 18 күнүгэр, нэдиэлэ саҕаланыытын аахсыбакка Саха аркыастырын иһинэн айымньылаахтык үлэлиир «Дьол» аныгы хайысхалаах муусука бөлөҕө тэриллибитэ 5 сылыгар анаан «Дьол дуораана» тыыннаах доҕуһуолунан улахан кэнсиэр иннинэ, күнүс 16 ч. Үҥкүү тыйаатырын ырыаһыта, хомусчута, Норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылааҕа Василена Шарина – хомуска, Саха аркыастырын «Кыл Саха» бөлөх солиһа, Арассыыйатааҕы устудьуоннар икки ардыларынааҕы күрэх лауреата Дьулустаан Никифоров – кырыымпаҕа олус туһалаах маастар кылаастары Ньурба олохтоохторугар икки бөлөххө арахсан ыыттылар.
«Кыталык» КД – тан фольклор исписийэлиистэрэ, эдэр кэскиллээх үлэһиттэрбит Наталья Степанова уонна Валерий Платонов, муусука араас инструменнарын баһылыыр уолбут Евгений Охотоев уонна СӨ култууратын туйгуна «Талба талааннаахтар түһүлгэтэ» фольклорнай кэллэктиип салайааччыта Николаева Розалия Николаевна бу маастар кылаастарга сылдьан элбэҕи биллилэр – көрдүлэр, тутан олорон үөрэннилэр.
Киһи олорорун тухары сайдыыга талаһыахтаах, төһөнөн элбэҕи билэр да, соччонон идэтигэр бэриниилээхтик үлэлиир, куруһуогар сылдьар дьонугар ол билиитин үллэстэр, дьон интириэһин тардар.