Аҕыйах сылынан күөх Ньурбабыт Норуоттар спортивнай оонньууларыгар Республикабыт араас муннуктарыттан ыалдьыт бөҕөтүн көрсөөрү олорор. Куораппыт ис –тас өттүн дьаһанан, төһө кыалларынан билиҥҥи үйэ тэтимигэр эппиэттиир саҥа тутуулары тутан, суолу-ииһи оҥорон, оройуоммут үрдүк таһымҥа ыалдьыттары көрсөрүгэр бэлэм олоруохтаахпыт.
Бу хамсааһыҥҥа биир бастакынан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамма күүскэ үлэлээн, куорат тупсар хайысхатыгар төһүү күүс буолар.
Бүгүн, алтынньы ый 4 күнүгэр ньурбаларга өссө биир үөрүүлээх сонун кэллэ – Комсомольскай уулусса 49 – гар саҥа биэс этээстээх, 43 квартиралаах дьиэ сваятын түһэриитин сиэрэ- туома буолла. Туому толордо Ньурба оройуонун тумус туттар киһитэ, Алгысчыт, норуот эмчитэ Алиса Михайловна Иннокентьева.
Эҕэрдэ тылларын эттилэр «Ньурба оройуона» МО баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, «Ньурба куорат» МТ баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев уонна тутуу подрядчига «Региональное развитие» ХЭТ салайааччыта Альберт Алексеевич Васильев.
Үөрүүлээх тэрээһини ыытарга «Кыталык» КД чөкө бөлөх буолан Наталья Степанова, Евгений Охотоев, Валерий Платонов бара сырыттылар.
Аны аҕыйах кэминэн Комсомольскай уулуссаҕа өссө биир саҥа дьиэ дьэндэйиэ. Хаарбах дьиэттэн көһөр дьон сылаас, сырдык, толору хааччылыылаах дьиэҕэ киирэр баҕа санаалара туолара кыра хаалла….