Култуура үлэтигэр өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээн, Ньурба оройуонун култуурата сайдарыгар күүстээх кылааттарын киллэрсибит дьоннорбутунан — биһиги култуурабыт бэтэрээннэрэ буолар. Өрөбүлү, сынньанары аахсыбакка дьон туһугар диэн сүүрбүт-көппүт үлэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри ахтылла сылдьара, биһиэхэ – эдэр ыччакка үтүө холобур буолар.
Ол курдук, бүгүн, алтынньы ый 4 күнүгэр аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Ньурбатааҕы киин библиотекаҕа култуура бэтэрээннэрин чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Күнүс 12 чаастан К.Д.Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэлгэ экскурсияҕа сылдьан баран, Ньурбатааҕы кииннэммит библиотекаҕа итии чэйдээх сандалы тула олорон, ирэ – хоро кэпсэтэн, уруккуну – хойуккуну аҕыннылар.
Урут, интернет ситимэ суоҕар, сурук – бичик илиинэн, бэл диэтэр сибээс суох эрдэҕинэ, нэһилиэктэри кытта ыкса билсэн, уопсай тыл булан, олохтоохтору түмэн күүстээх үлэ ыыталлара, биһигини, билиҥҥи үйэ, интернет оҕолорун сөхтөрөр да, салыннарар да.
Төһө да сорох бэтэрээннэрбит бочуоттаах сынньалаҥҥа олордоллор, үлэбитигэр кэлэн, төлөпүөнүнэн сүбэ – ама буолаллар, дэлэҕэ да сахалар өс хоһоонноро «кырдьаҕаһы хааһакка хаайа сылдьан сүбэлэт» диэбэтэхтэрэ.
Хас биирдии култуура үлэһитин күүстээх тыыла – дьиэ кэргэнэ буоларын бары өйдүөх тустаахпыт. Түүннэри-күнүстэри үлэлээх үлэһити дьиэ кэргэнэ, өйдөөн, өйөөн биһиги, култуура дьоно олохпутун үлэбитигэр аныыбыт.
Бүгүҥҥү көрсүһүү биэчэрин саҥаран – иҥэрэн, оонньотон ыыттылар Светлана Васильева, Евгений Охотоев, ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар Максим Федоров-Ырыа Махсыым, Валерий Платонов, Евгений Охотоев, Снежана Черноградская, Наталья Семенова, баянынан үҥкүүлэргэ доҕуһуоллаата Ньурбатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын учуутала Семенова Ньургуйаана.
Түгэнинэн туһанан, култуура бэтэрээннэрин аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлиибит, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил олоҕу, толкуйдаабыккытын тобула, санаабыккытын саргылыы сылдьыҥ диэн алгыс бастыҥын аныыбыт!