Күн курдук мичээрдээх,
Сып-сылаас илиилээх,
Нап-намыын сүрэхтээх, уоскутар алыптаах.
«Тоойуом» — диэн тыллаах
Амарах дууһалаах
Көмүскэс санаалаах
Сымнаҕас майгылаах
Биһиги күндү киһибит — ийэбит!
Ийэ күнэ…Олус да истиңник иһиллэр тыллар… Хас биирдиибит бу орто дойдуга саамай чугастан-чугас киһитинэн – Ийэбит буолар. Санатар буоллахха, СӨ бэрэсидьиэнин 1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи ыйааҕынан, Ийэ күнэ сыл аайы алтынньы ыйга бэлиэтэнэр.
Бу күнү биһиги, Саха Республикатын олохтоохторо, чорботон туран, ийэлэргэ болҕомто ууран, кинилэр күннээҕи үгүс түбүктэрин, оҕолоругар кыһамньыларын бэлиэтээн, Ийэ оруолун үрдүктүк чиэстээн, хас сылын ахсын бу күһүңңү кэмңэ күн анаан, бырааһынньык быһыытынан бэлиэтиир буолбуппут олус үөрүүлээх.
Ол курдук, бүгүн, алтынньы ый 16 күнүгэр «Кыталык» КД Ньурба куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Ийэлэр күннэрин бэлиэтээри муһуннулар. Эҕэрдэ истиҥ тылларын эттилэр «Ньурба оройуона» МО баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, «Ньурба куорат» МТ баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев, Россия ийэлэрин общественнай хамсааһын Ньурбатааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Саргылана Петровна Седалищева, Россия ойуурун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дархан уус, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, Владимир Иванович Саввинов.
Бүгүн үөрүүлээх быһыыга – майгыга төрдүс уонна онтон элбэх оҕотун күн сирин көрдөрбүт Ньурба оройуонугар олорор ийэлэргэ Алексей Михайлович «Нюрбинская семья» серитификаттары туттартаата. Ньурба куорат дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Александровна Дмитриева эҕэрдэ тылын кэнниттэн, Ньурба оройуона сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит кэрэ аҥардар ааттарынан ааттаммыт уулуссалардаах улахан альбому, эстафета биллэрэн, салҕыы балаһыанньатын көрөн туран толороллоругар, Октябрьскай нэһилиэк дьахталларын кэмитиэтигэр туттарда. Анна Дмитриевна, бу проект салҕыы толору туола нэһилиэктэринэн барыахтааҕын тоһоҕолоото.
Хас биирдии үөрүүлээх тэрээһин «Кыталык» КД иһинэн үлэлиир түмсүүлэрэ кыттыылаах ааспат. Бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэри ийэ туһунан хоһоону СӨ үтүөлээх артыыһа Людмила Васильева ааҕан аста. Салҕыы «Кыталык» КД үлэһиттэрэ Наталья Степанова, Айаана Антонова туойдулар, тойук кэмигэр сахалыы халадаайдаах дьахталлар сып- сылаас алаадьынан кэлбит дьону күндүлээтилэр. Снежана Черноградская, Алена Иванова салайааччылаах “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ хоһоон ааҕан үөртүлэр. Көрөөччүлэр Римма Сидорова, Татьяна Иванова салайааччылаах Убайаан орто оскуолатын 2 “б” кылааһын “Дьиэрэй” вокальнай ансаамбыл кырачаан солистарын толоруутугар “Ийэҕин хомотума” ырыаны иһиттилэр, кырачаан «Сир симэхтэрэ» образцовай үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүттэрин толоруутугар “Бабушки старушки” үҥкүүнү бэлэх ууннулар. Наталья Саввинова салайааччылаах Ньурбатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын “Валерия” бальнай кылааһын кыргыттара «Шербургские зонтики» үҥкүүнү толордулар. Ньурба куоратын ийэлэрин түмсүүтэ “Ыра санаа ” үҥкүүнү бэлэх ууннулар. Евгений Охотоев “Туйаарыма Куо” ырыаны көрөөччү сэргии иһиттэ.
Былыр дьахталлар туттар тэрил кырыымчык кэмигэр хайдах иистэнэн олорбуттарын көрдөрөр, Россия ойуурун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дархан уус, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, Владимир Иванович Саввинов аҕалбыт быыстапката дьон болҕомтотун тарта. Владимир Иванович хас биирдии туттар тэрил туохха ананарын, суолтатын сиһилии кэпсээн иһитиннэрдэ.
Бу үөрүүлээх уонна дологутуулаах күн барыгытыгар дьол эрэ тосхойдун!