Сотору кэминэн, алтынньы ый 21 күнүгэр «Кыталык» КД 34 –с айар сезонун арыйаары турар. Быйыл сезоммутун арыый да сонун тэтиминэн арыйар сыалтан, бу үс күннээх маастар- кылаастар саҕаланнылар.
Бүгүн, алтынньы ый 16 күнүгэр киэһэ 17 чаастан, кулууп аччыгый саалатыгар фольклорнай түмсүүлэр үлэлэлэрин, маастар – кылаастары көрдөрдүлэр.
Бастакынан биһиэхэ саҥа үлэлии кэлбит, Бордоҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх, фольклорга уһуйааччы Наталья Степанова тойугу туойарга сөпкө тыыныыга, хайдах кылыһаҕы таһаарарга, турукка киириигэ үөрэттэ. Тыыныы арааһын, күннээҕи олоххо туттуохха сөбүн билэн сөхтүбүт.
Холобурдаан тойуксут Александра Догуева Алгыс тойугун туойда. Тута бөлөҕүнэн кэлбит дьон бары туойсан, сөпкө тыынарга үөрэннилэр.
Салҕыы, иккиһинэн норуот талааннааҕа Таисия Кучурова хомуска маастар- кылаас биэрдэ. Тута баар оҕолорго батыһыннаран, араас матыыптары, сөпкө тыынан хомустууру көрдөрдө.
Үсүһүнэн Ньурбачаан оҕо норуодунай фольклорнай кэллэктиибэ бөлөҕүнэн хомустаан иһитиннэрдилэр, иккис бөлөх күпсүүргэ оонньоон көрдөрдүлэр.
Күндү Ньурба куоратын олохтоохторо, бу буолаары турар айар киэһэбит чэрчитинэн ыытыллар араас маастар – кылаастары көтүтүмэҥ. Сарсын, алтынньы ый 17 күнүгэр күнүс 15 чаастан илиинэн оҥоһукка, 16 чаастан театральнай искусствоҕа, 17 чаастан – хореографияҕа, алтынньы ый 18 күнүгэр күнүс 16 чаастан ырыаҕа, 17 чаастан гитаранан оонньууга аһаҕас уруоктар буолуохтара. Бу « Кыталык » КД исписийэлиистэрэ ыытар аһаҕас уруоктары көрөн, ким баҕалаах суруттарыан сөбүн умнумаҥ.