Элбэх олох кыымын сахпыт Ийэ, аҕа аатын сүкпүт кэллиэгэлэрбит!
Н.И .Харитонов- Николай Чуор аатынан “Кыталык” Культура дыбарыаһын бары үлэһиттэрин ааттарыттан Саха сирин ийэлэрин күнүнэн, Россия аҕаларын күнүнэн ис-сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!
Түүннэри-күннэри үлэлиир, биир да бырааһынньыкка өрөөбөт түбүктээх үлэлээх, элбэх оҕолоох кулууп үлэһитэ барахсан ! Билигин санаатахха, хайдах барытыгар тиийинэн үлэлээн-хамсаан, дьиэбитин-уоппутун хомунан, дьиэ-кэргэммитин аһатан-сиэтэн, оҕолор уруоктарын аахтаран кэлбиппит эбитэ буолла? Оҕолор котокулар үксүн бэйэлэрэ астанан аһаан, бэйэлэрэ бэлэмнэнэн үөрэнэн, улааттахтара. Кулууп үлэһитин оҕото кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэр: аһы астыырга, дьиэтээҕи үлэни толорорго, бэйэтин дьаһанарга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөргө. Кулууп үлэһитин оҕото үөрэҕэр куһаҕан, кулууп үлэһитин оҕото бэрээдэги кэспит диэн тылы иһитиннэрбэккэ оскуоланы этэҥҥэ бүтэрбиттэрэ. Биир бырааһынньыкка ийэлэрэ баар буолуо дуу? Суох! Туох да ыксалынан бэлэмнэммит остуолга аһыы охсоот, төттөрү үлэтигэр ыстанар. Киһини өйдүөхпүтүттэн аҕабытынаан олорбуппут, кулууп эрэ үлэһитэ буолбатах киһи диэн санаалаах улааппыттара. Ол курдук бары үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үлэ үөһүгэр сылдьаллар.Арай кыыһым суруналыыс идэтин ылан, ыаллыы улууска культура үлэһитэ,элбэх оҕолоох ыал ийэтэ.
Билигин даҕаны биһиги коллективка элбэх оҕолоох ийэлэр уонна аҕалар үрдүк таһаарыылаахтык, эдэрдии эрчимнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһиги үөрэ көрөбүт. Костюмернай сыах уран тарбахтаах иистэнньэҥэ Фекла Ивановна Иванова туох да бокуойа суох үлэлээх. Кини кэргэнинээн Чокуур Николаевичтыын 4 оҕолоохтор. Улахан кыыстара Лена Ньурбатааҕы техническай лицей 8 кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Музыкальнай оскуола спортивно-бальнай кылааһын бүтэрбитэ. Лена араас таһымнаах күрэхтэргэ барарыгар Феня төрөппүт быһыытынан, тэҥҥэ сылдьыһара. Уола Рома Степан Васильев аатынан Ньурба араас хайысхалаах гимназиятын 6 кылааһыгар үөрэнэр, ону таһынан Музыкальнай оскуолаҕа домбра кылааһыгар сөбүлээн дьарыктанар. Кыра кыыһа Маша быйыл 3 кылааска үөрэнэр уонна эмиэ Музыкальнай оскуола художественнай кылааһыгар умсугуйан туран дьарыктанар. Онтон кырачаан уоллара Коля 2 саастаах, “Туллукчаан” уһуйаан иитиллээччитэ. Феня оҕолоро туохха дьоҕурдаахтарынан көрөн сайыннарарга дьулуһар, кыргыттарын кыраларыттан иис кистэлэҥнэригэр уһуйар.
Кулууппут биир тутаах үлэһитэ Евгений Дмитриевич Слепцов 4 оҕо тапталлаах аҕата. Ол курдук кини 3 бухатыыр уоллаах, биир кыталык кыыстаах. Кылыстаан диэн улахан уола Степан Васильев аатынан Ньурба араас хайысхалаах гимназиятын 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Онтон Аман бу гимназия 5 кылааһын
үөрэнээчитэ. Кыра уол Эрсан 2 кылаас уонна соҕотох кыыстара Санаайа 1 кылааска үөрэнэллэр. Бары талбыт курдук сахалыы ааттаахтар. Бу ааттарын аҕалара: “Саха оҕото сахалыы ааттаах буолуохтаах”- диэн толкуйдаан ааттаталаабыт. Оҕолоро бары үөрэхтэригэр үчүгэйдэриттэн сүрдээҕин астынар уонна ким туохха дьоҕурдааҕынан үөрэхтэрин тас өттүгэр үөрэ-көтө дьарыктаналлар эбит. Ким үҥкүүлүүр, ким уруһуйдуур,онтон икки уол спордунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Тапталлаах эбээлэрэ Слепцова Эмма Николаевна күүс-көмө буолар, оҕолорун минньигэс аһынан күндүлүүр, бэйэтэ тикпит сылаас таҥаһынан сиэннэрин хааччыйар тутаах киһи.
Федоров Михаил Михайлович биһиги коллектив дэгиттэр талааннааҕа. Кини кэргэнинээн Айсена Аркадьевналыын ылбаҕай ырыаларын Саха сирин телевизорынан көрөөччүлэрэ бары биһирии көрбүт-истибит буолуохтаахтар. “Эн эрэ” диэн ырыалара “Үрдэл” премиятын номинана буолбута. Кинилэр 3 кэрэчээн кыыстаахтар. Улаханнара Элла 8 саастаах ,1 кылаас үөрэнээччитэ. Эльмира 6 саастаах, “Сардаана” уһуйаанын подготовительнай группатын иитиллээччитэ. Онтон кырачаан Эмилия диэн кыысчааннара 11 ыйдаах. Икки ырыа куттаах дьонун утумнаан улахан кыыс Элла ыллыыр.
Кырдьаҕас электрикпит Шадрин Афанасий Маркович итэҕэйэн хаалларбыт үлэһитэ, “Кыталык”КД уотун-күөһүн тутан олорор тутаах киһибит Егоров Сергей Николаевич 4 оҕолоох ыал аҕата. Кэргэнэ Олеся Ивановна “Кэскил” оҕо уһуйааныгар үлэлиир.Улахан кыыстара Виктория куоракка үлэлиир. Люба Степан Васильев аатынан араас хайысхалаах гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Иллэҥ кэмигэр “Кыталык” КД иһинэн үҥкүү куруһуогар сөбүлээн дьарыктанар, араас тэрээһиннэргэ кыттар. 3 кыыс Николина 3 кылааска үөрэнэр. Эмиэ үҥкүүлүөн баҕарарын иһин үҥкүү куруһуогар дьарыктанан эрэр. Аҕатын муннун бүөтэ, эт кутуруга Саша уол быйыл 1 кылааска киирдэ.Сергей оҕолоро бары кулууп оҕолоро буолан, биһиги харахпыт далыгар улааттылар.
Биһиэхэ вахтерунан үлэлиир Емельянова Валентина Николаевна кэргэнинээн Николай Николаевичтыын 4 кырасыабай кыыстааахтар. Улахан кыыс Виктория АГАТУ 1 курсун студентката, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Музыкальнай оскуола үҥкүү кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Иккис кыыс Карина №2 дээх оскуолаҕа 10 кылааска үөрэнэр. Кини ордук сөбүлээн IT CUBE Компьютернай кылааска программист буоларга үөрэнэр уонна уруһуйдуур. Онтон үһүс кыыс Эмилия “Кыталык” КД Р.И.Сидорова салайар ырыа кружогар дьарыктанар. В.Нь.Платонов салайар «Хомус» уонна А.Г.Седалищева салайар “Сир симэхтэрэ ” үҥкүү куруһуогар сылдьар. Өссө Оҕо киинигэр макраме өрөргө бэйэтин холонон көрөр. Кыра кыыс Эвелина “Сир симэхтэрэ” үҥкүү куруһуогар уонна гимнастикаҕа сылдьар. Валентина Николаевна оҕо иллэҥ бириэмэтин туһалаахтык атаарыахтаах диэн этиинэн салайтарар. Онон кыргыттара араас кружоктарга бириэмэлэрин аттаран бэркэ дьарыктаналлар.
Григорьев Дмитрий Егорович биһиги коллектив солбуллубат биир тутаах үлэһитэ.Хас биирдии ырыа уонна ыытыллар тэрээһин музыката суох буолбатын кэриэтэ, Димата суох тэрээһин тохтууругар тиийэр, онон сорох ардыгар кини ыалдьара да табыллыбат курдук буолар. Дмитрий Егорович улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, кини хоту дойду кыыһынаан Анжела Олеговналыын ыал буолан, билигин талбыт курдук 2 уол, 2 кыыс оҕолоохтор. Улахан уол Теодор Антоновка орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.Онтон София 4 кылааска үөрэнэр уонна иллэҥ кэмигэр оркестровай кылааска дьарыктанар. Глеб 6 саастаах, кырачаан Тамара 10 ыйдаах. Григорьетар дьиэлэригэр араас 20-чэ кыыллардаах “Мини зоопарк” үлэлиир. Оҕолор тактильнай сибээстээх буоланнар, кыыллар имэрийэллэрэ, көтөҕөн араастаан хаартыскаҕа түһэллэрэ көҥүллэнэр. Кыыллар бэйэлэрэ бастааҥҥыттан кырачаан хаһаайыттарыгар үөрэнэннэр, кими да атыҥыраабаттар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн үөрэ-көтө ийэлээх аҕаларын кытта кыыллары тэҥҥэ көрсөллөр, уйаларын ыраастыыллар, аһаталлар. Дима оҕолоро бары олус эйэҕэстэр, истиҥнэр, аһыныгастар. Таһыттан кэлбит ыалдьыттарга кыылларын үөрэ-көтө кэпсииллэр, билиһиннэрэллэр.
Ыал дьоло-оҕолоругар
Ийэ буолбут, аҕа дэппит
Умнуллубат күннэрэ,
Оҕо хаампыт,саҥарбыт
Кэрэ кэрдиис кэмнэрэ.
Ыал дьоло-олох салҕанарыгар
Тымтык тутан уоту оттор
Төрдү салгыыр уолчааныгар,
Кийиит булан сүктэн барар
Кыра –мааны кыысчааныгар.
Элбэх оҕоҕо олох дьолун бэлэхтээбит иһирэх ийэлэри, амарах аҕалары бырааһынньыккытынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!.Айымньылаах айар үлэҕит айхаллана турдун, бастыҥ баҕаҕыт барҕара турдун, саргылаах санааҕыт салалла турдун, кэрэ санааҕыт кэскиллэнэ турдун!
“Кыталык” КД профкомун председаля:Р.Н.Николаева. СР культуратын туйгуна.