Бүгүн, алтынньы ый 17 күнүгэр аһаҕас уруоктар «Кыталык» КД исписийэлиистэрин сүрүн үлэлэрин көрдөрөр, кулууптаах формированиеларга сылдьар оҕолор төрөппүттэригэр билиһиннэрэр уруоктар салҕыы ыытылыннылар.
Күнүс 14 чаастан дискозалга хореограф Анжелика Седалищева илдьэ сылдьар «Сир симэхтэрэ» образцовай үҥкүү ансаамбылын оҕолоругар саҥа хамсаныылары көрдөрдө. Үксүн үҥкүү дьарыгар төрөппүттэри киллэрбэт эбит буоллахтарына, бүгүн хас да төрөппүт кэлэн оҕото хайдах дьарыктанарын билистэ, видеоҕа уһулла.
«Кыталык» КД Ньурба оройуонугар тутаах кулууп буоларын бары билэбит, ол курдук бачча улахан кулуупка үс хореограф дьарыктанар. Олортон биирдэстэрэ СӨ культуратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайката, Күндээдэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Ньурба оройуонун Бочуоттаах гражданина, «Утум»,«Ситим»үҥкүү ансаамбылларын салайааччыта, культура бэтэрээнэ,Зинаида Тарасовна Петрова буолар. Кини аччыгый саалаҕа аҕам саастаах кэрэ аҥардарга сахалыы үҥкүү матыыптаах этно – фитнес көрдөрдө. Үҥкүү сөпкө тыыныыга, сарын, сис, тобук уонна илии сүһүөхтэригэр туһатын кэпсии – кэпсии кэлбит дьону хамсанарга үөрэттэ.
Салҕыы бу саалааҕа СӨ култууратын туйгуна, Варвара Плотникова «Эрэлчээн» үҥкүү ансаамбылыгар саҥа уолаттары сүүмэрдээн сахалыы “чохчоохой” үҥкүү хамсаныыларын көрдөрдө. Аны түөрт сылынан Ньурбабыт оройуонугар Саха сирин норуоттарын IX Спортивнай оонньуулара буолаары турар. Бу улахан тэрээһиҥҥэ оройуоммутугар эр дьон хомуур үҥкүүтэ буоларын бастакы олуга оҥоһулунна диэххэ сөп.
Эбиэттэн киэһэ аллараа этээскэ гримеркаларга илиинэн оҥоһукка аһаҕас уруоктар буоллулар. «Кыталык» КД иис өттүгэр тутаах үлэһиппит Фекла Иванова “Дьоҕур” кулууптаах формированиетын салайааччыта баҕалаахтарга илиинэн оҥоһукка аһаҕас уруок ыытта.
Кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, «Дьоҕур» кулууп тэриллибитэ номнуо 5-с сыла, бу сыллар тухары, түмсүү кыттыылаахтара элбэх араас таһымнаах күрэхтэргэ кыбытыгынан панно оҥорон кыттан, кыайыы көтөллөнөн, үөрүүлэрэ үгүс.
Олонхо күнүгэр сэтинньи ый 25 күнүгэр Спиридон Васильевич Петров – Чыычаах «Оҕо Дьулаах бухатыыр» олонхо тахсарыгар сүрүн дьоруойдар биирдэстэриттэн – Аан Алахчын Хотун таҥаһын кыбытык ньыманан тигэн бэлэмнии сылдьалларын, бүгүн Фекла Ивановна иис биир көрүҥүн кэлбит дьоҥҥо арыйда.
Сэргэ иккис гримеркаҕа илиитигэр талааннаах иистэнньэҥ Яковлева Ньургустаана Иннокентьевна дьүөгэлэрин уонна баҕалаах дьону түмэн, норка түүтүттэн оҕуруолаан киэргэтэн, бырааһынньыктарга кэтэр саҕа киэбин быһан түүгэ түһэрэри үөрэттэ. Кулууп сыантырга турара мустарбытыгар олус табыгастаах диэн күннэҕи түбүктэн сынньана таарыйа мустубут ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ санааларын үллэһиннилэр.
Күнүс 16 чаастан, былааннаммытын курдук, көрөөччү саалатыгар СӨ култууратын туйгуна Альбина Тумусова квн кэрэ эйгэтин интириэһиргиир оҕолору мунньан аһаҕас кэпсэтиини ыытта, маастар- кылаастары киниэхэ хаһыс да сылын сылдьар «Айыы оҕолоро» интириэһиргээн кэлбит оҕолорго көрдөрдүлэр. Альбина Степановна оҕолорго кулуубун кыттыылаахтарын видеоларын, үөрэппит ыччаттара үөрэхтэрин бүтэрэн, олохторун культура үлэтин кытта ыкса сибээстиир үөрэхтэргэ киирэн соҕурууттан видео эҕэрдэлэрин көрдөрдө.
Маны сэргэ СӨ култууратын уонна ыччат политикатын туйгуна, Искусствоведение билимин кандидата Лена Степанова «Гулливер» театральнай студия олоҕун кытта билиһиннэрдэ. Сыанаҕа хайдах тутта-хапта сылдьарга сүбэ биэрдэ, театральнай студия аанын сэгэппит оҕо инники олоҕор туох туһаны ыларын сырдатта. Түмүккэ, кэлбит оҕолору сыанаҕа таһаартаан, үс хамаандаҕа үллэрэн, тренинг курдук араас сорудахтары биэрэн, тутатына импровизациялатта. КВН уонна театральнай студия маастар – кылаас бүтүүтэ хаалан оҕолор интириэһиргээбит хайысхаларыгар тута суруттардылар.
Салҕыы дискозалга «Кыталык» КД Анжелика Седалищева орто саастаах бөлөх оҕолоругар саҥа үҥкүү туруорарын көрдөрдө.
Бу күҥҥэ 34-с айар сезоммут аһаҕас уруоктарын маастар-кылаастара маннык буолла. Сарсын, о.э алтынньы ый 18 күнүгэр дьэ, биһигини туох күүтэр эбитий? Сарсын кулууппут сүрүн хайысхаларын аһаҕас уруоктара буолаллар, ол эбэтэр вокал уонна гитаранан оонньууга маастар- кылаастар. Кытаатан, туһанан сылдьан хааларгытын санатабыт.