Бүгүн, алтынньы ый 18 күнүгэр көрөөччү саалатыгар «Кыталык» КД вокалга уонна ВИА-ҕа үөрэтэр исписийэлиистэрэ аһаҕас уруок ыыттылар.
Аһаҕас уруогу бу айар сезоҥҥа саҥа үлэҕэ киирбит үлэһит, Снежана Черноградская аста. Снежана Юрьевна кэлбит оҕолору сыанаҕа таһаартаан, тута хайдах тыынары көрдөрөн, пианиноҕа оонньоон ыллатан көрдө, ону таһынан, ылланар ырыа мелодиятын таһаарыыга сөпкө тыыны олус суолталааҕын иһитиннэрдэ.
Ырыаһыт, тамада, ыытааччы Михаил Федоров – Кутана, күөх Ньурбаны дойду оҥостон кэлбитэ аҕыйах ый буолла. Үлэҕэ киирээт, биир бастакынан сонун, оҕолорго эстраднай ансаамбыл арыйан, саҥа үөрэнээччилэри эбии сүүмэрдээн бу күһүҥҥэттэн үлэлэтээри сылдьар. Өскөтүн эһиги оҕоҕут сыанаттан түспэт ырыаһыт, кулуупка ыытыллар кэнсиэрдэргэ көхтөөх кыттыыны ылыан баҕарар буоллаххытына – Михаил Кутананы булаҕыт. Михаил бүгүн уруогун хайдах хабааннаах ыытарын билиһиннэрдэ, ырыа тылын ис хоһоонун хайдах түргэнник өйдүүргэ бэйэтин баай уопутуттан үллэһиннэ, тутатына сыана экраныгар ырыа текстин көрдөрөн ыллатан көрдө.
«Кыталык» КД исписийэлииһэ Римма Сидорова оҕолорго “Дьиэрэй” ырыа ансаамбылын, ону таһынан “Чоргуй” оҕо радио-студияты Ньурбабыт оскуолаларын оҕолоругар салайан ыытар. Римма Ивановна бэйэтэ Убайаантан төрүттээх буолан, ансаамбылын сүрүн солистара Убайаан оҕолоро буолаллар. Кулууптаах формированиетыгар сылдьар оҕолоро учууталларын өйөөн, сыанаҕа тахсан ыллаан иһитиннэрдилэр, «Чоргуй» ыытааччылара радиоэфирга хайдах туттан-хаптан олорон саҥарар кистэлэҥнэрин арыйдылар.
Вокалистар кэнниттэн сыананы ВИАлар баһылаатылар. Ол курдук, Ньурба оройуонугар «человек–оркестр» аатын толору сүкпүт Евгений Охотоев бэрт судургутук оҕолорго ВИА инструменнарын кытта билиһиннэрдэ, кырачаан укулелеҕа араас матыыптары оонньоон оҕолорго таайтарда.
ВИА « КЫЛ » бөлөх тэриллиэҕиттэн сылдьар бас-гитарист Манчаары Ксенофонтов ыллаан иһитиннэрдэ. Дэгиттэр талааннаах киһибит Максим Федоров-Ырыа Махсыым струннай гитараҕа, Владимир Иванов ударнайдарга оонньоон көрдөрдүлэр.
Манан, 34-с айар сезоммут чэрчитинэн ыытыллыбыт аһаҕас уруоктарбыт былааннаабыт курдук ыытыллан бүттүлэр. Интириэһиргээн сылдьыбыт, тустаах исписийэлиистэригэр суруттарбыт оҕолорго махтанабыт уонна сырдык сыанаҕа тахсары биһиги үлэһиттэрбит ситиһиэхтэрэ диэн мэктиэлиибит.