«Кыталыктар 34 айар сезоммутун арыйдыбыт!»

      Хас биирдии эр киһи сааскы кус сезона арылларын, хас биирдии кэрэ аҥар кулун тутар ахсыс күнүн кэтэһэрин курдук, култуура үлэһитэ туох баар кэрэни санаан туран айар сезон арыллыытын күүтэр. «Кыталык» КД быйылгы 34 айар сезоммутун хаһааҥҥытааҕар да уратытык арыйар санааланныбыт. Ол курдук, нэдиэлэ саҕаланыаҕыттан кулууп исписийэлиистэрэ нэһилиэнньэҕэ анаан аһаҕас уруоктары үс хонук устата ыыппыттара. Тустаах киһи туһанан, наадыйар киһи наадатын ситэн араас хайысхалаах куруһуоктарга суруттарбыттара.

    Бу сыл туругунан « Кыталык» КД иһинэн 43 формированиеҕа барыта быһа холоон алта сүүстэн тахса киһи, ол иһигэр оскуола саастаах икки сүүстэн тахса оҕо  буолан, күн аайы анал графигынан дьарыктаналлар. Куорат, оройуон, республика таһымыгар үрдүк ситииһэлэнэн үөрэллэр-көтөллөр.  Быйылгы сезоммут арыллыытыгар кыра косметическай өрөмүөн ыытылынна: кулууп эргэрбит түннүктэрэ барыта уларыйан, оттук системата сууллан, костюмернай  сыах таҥаһа саҥардыллан, төһө кыах баарынан үлэлиир усулуобуйабытын тупсарыы үлэтин ыытабыт.

    Айар сезоммутун фойеҕа «Кыталык» КД үлэһиттэрин сөбүлээн мунньар малларын, оҥоһук арааһын быыстапката дьон болҕомтотун кэнсиэр иннигэр мустар кэмнэригэр тарта. Манна илиилэригэр талааннаах үлэһиттэрбит Фекла Иванова түмсүүтүн паннолара, Римма Сидорова тас дойдуларга сылдьан ылыммыт араас моһуоннаах суумкалара, дириэктэрбит Самангади Базарсадаевна иллэҥ кэмигэр оҥорбут араас мозаикалара, кэрэ дьүһүннээх оҥоһуктар дьон болҕомтотун тартылар. Култуура үлэһитэ төһө да иллэҥҥэ суох буоллар, үлэтин быыһыгар дьиэ кэргэнигэр болҕомто уурара, быыс булан иистэнэрэ, уһанара ханна барыай?  Эбии дьарыктаах буолан,  күннээҕи түбүктэн сынньанар, саҥа иэйии киллэринэр.

    Кэнсиэр аһыллыыта быйыл саҥа үлэҕэ киирбит, вокальнай үөрэхтээх кыыс, Убайаантан төрүттээх Снежана Черноградская омуктуу ырыатынан саҕаланна. Ытыс дохсун тыаһынан бу ырыаҕа антураж буолан “Кыталык” КД оператордартан ураты бары үлэһиттэрэ, сорохторо сыанаҕа аан маҥнайгытын тахсан үҥкүүлээтилэр.

     Быйылгы айар сезон кэнсиэрэ үс блоктан турда. Эдэр эрчимнээх ыытааччылар Михаил Кутана, Наталья Степанова, Светлана Васильева, Лена Степанова, Владимир Иванов, Евгений Охотоев иилээн саҕалаан, саҥаран- иҥэрэн кэнсиэри бэрт сэргэхтик ыыттылар.

    Бастакы блокка  саҥа үлэһитэрбитин көрөөччүлэри кытта билиһиннэрдибит. Ол курдук кэнсиэри саҕалаатылар эдэр эрчимнээх, элбэҕи күүтэр саҥа үлэһиттэрбит Снежана Черноградская, Наталья Степанова, Михаил Кутана, ыллыы- ыллыы ойон тэбэн кэнсиэр өрө көтөҕүүлээхтик барар тэтимин биэрдилэр.

       Салҕыы республиканскай “Үрдэл-2022” музыкальнай национальнай бириэмийэ  финалистара, кэргэнниилэр Айсена, Михаил  Федоровтар таҕыстылар.  Ырыаһыттар ыллыахтарын иннинэ кэнсиэр нүөмэрин сибээскэлиир видеороликтар киирбиттэрэ, көрөөччүнү сэргэхситтэ. Уурбут, туппут курдук, ис киирбэх  кэрэ дьүһүннээх Федоровтар дьиэ кэргэннэрэ  сыанаҕа энергиялара сандааран олордо.

    Бордоҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх, фольклорист, дэгиттэр талааннаах кыыһы таба тайанныбыт диэн үөрэр киһибит Наталья Степанова аныгылыы тэтимнээх ырыата, ураты куолаһа кэлбит эрэ киһи кутун тутта. Маалыкайдар республикаҕа биллэр ырыа, үҥкүү ансаамбылларын  базата, Наталья сыанаҕа тутта, хапта сылдьарыгар төһүү күүс буолбута өтө көстө сылдьар.

   30 айар сезоҥҥа сакааһынан айаллыбыт Тимофей Шестаков тылларыгар, Иванна Неустроева матыыбыгар «Айар кут алыба» ырыаны, биһиги кыталыктар гимн оҥостон сыанаҕа тахсан Евгений Охотоев пианиноҕа доҕуһуолугар тыыннаахтыы  ыллаан ытыс дохсун тыаһын ыллыбыт.

   Иккис блокка, «Кыталык» КД иһинэн үлэлиир  формированиелары билиһиннэрии буолла. Үҥкүү кэрэ эйгэтигэр сылдьар СӨ культуратын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайката, Күндээдэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Ньурба оройуонун Бочуоттаах гражданина, салайааччыта Зинаида Тарасовна Петрова «Утум» уонна «Ситим» үҥкүү ансаамбылларын сахалыы үҥкүүтүнэн саҕаланна.

      Биһиги кулууппут иһинэн  оҕолорго икки театральнай студия баар:  СӨ култууратын туйгуна Альбина Тумусова салайааччылаах  «Айыы оҕолоро» уонна СӨ култууратын уонна ыччат политикатын туйгуна, Искусствоведение билимин кандидата Лена Степанова  «Гулливер» студиялара тиһигин быспакка үлэлииллэр. Бүгүн сыанаҕа аҕыйах хонуктааҕыта саҥа сүүмэрдэммит «Айыы оҕолоро» КВН студиятын үөрэнээччилэрэ таҕыстылар.

    Кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр ыччат ВИА интириэһиргээн сылдьар буолбутун кэлбит көрөөччүлэр көрөн-истэн ытыс дохсун тыаһын бэлэхтээтилэр. Евгений Охотоев уонна Владимир Иванов салайааччылаах бөлөх, оҕону инстумеҥҥа эрэ оонньуурга буолбакка, ырыаҕа эмиэ үөрэтэллэр.

   СӨ култууратын туйгуна Варвара Плотникова уонна Анжелика Седалищева салайааччылаах  «Сир симэхтэрэ», «Эрэлчээн», «Эрчим» оҕо, улахан дьон үҥкүү ансаамбыллара    сыананы тобус толору  ылан бэрт үчүгэй флешмобу  бэлэхтээтилэр.

    Кэлэр 2024 сылга ыытыллыахтаах бырайыактары билиһиннэрэ үһүс блокка «Я – ваш конферансье!» аһаҕас эр дьон ыытааччылар күрэстэрин бырайыагын ааптара Римма Сидорова, үһүс ыытыллыбыт күрэх Кылаан кыайылааҕа Егор Михайлов уонна быйылгы күрэх иккис истиэпэннээх кыайыылаах Евгений Охотоев буолан тахсан эҕэрдэлээтилэр. Быйылгы күрэх Кылаан кыайыылааҕа Дмитрий Саввинов ыраах Амма улууһуттан эҕэрдэтин уонна балаһыанньа быһыытынан конферансьеҕа кыттыбыт кыайыылаах дойдутар буоларынан сибээстээн  5 төгүлүн ыытыллар «Я – ваш конферансье!» күрэх эһиил Амма улууһугар буоларыгар күүтэллэрин биллэрдэ.

    Салҕыы көрөөччүлэр Егор Михайлов ырыатын сэргээн иһиттилэр, ахтылҕаннарын таһааран ытыс тыаһынан ырыатын доҕуһуоллаатылар.

    Зинаида Петрова урукку «Танцует Нюрба» бырайыагын эһиил сөргүтэн ыытарга санаммыппытын үҥкүү ансаамбыллара тахсан сахалыы үҥкүүлээн дьиэрэттилэр.

    Аны түөрт сылынан 2027 сылга ыытыллыахтаах Ньурбабыт оройуонугар Саха сирин норуоттарын IX Спортивнай оонньуулара буоларын бары билэ сылдьабыт.  Бу улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии үлэ быһыытынан ыытыллар «Ньурба Ньургуна» бырайыак ахтыллан ылылынна. Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин республикатааҕы  “Дыгын оонньуулара” күрэх кытааччыта Николай Обоев уонна  “Ньурба Ньургуна” бырайыак ааптара Альберт Николаев экран нөҥүө ыыттылар.

    Салҕыы илиилэригэр талааннаах Фекла Иванова уонна Яковлева Ньургустаана түмсүүлэрин кэрэ аҥаардара «Кыталык» иһигэр тиктибит нуорка түүтүттэн суумкалаах саҕа иилинэн тахсан көрдөрдүлэр.

  Максим Федоров – Ырыа Махсыым ааптарскай «Ньурбам ылбаҕай ырыаһыттара»  бырайыагын көмөтүнэн аҕыйах сыл иһигэр элбэх сольнай кэнсиэртэр ыытыллыбыттарын бары билэҕит. 90-с сыллар сулустарын бырайыагар кытталларыгар кэпсэтии ыытан, сыанаҕа таһаартан бүгүҥҥү ырыатыгар кэлэн ыалдьыттаатылар. Бу бэрт сэргэх бырайыак аныгыскы кыттааччытынан ким буоларын – эһиил билиэхпит.

  Хас биирдии кэнсиэр фольклор нүөмэрэ суох ааспат, ол курдук,  «Ньурбачаан» оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбылын кыттыылаахтара уонна норуот талааннааҕа Таисия Кучурова буолан бэрт ураты толорууну көрдөрдүлэр.

   Бу аҕыйах хонугунан, сэтинньи ый 18 күнүгэр, “Олох устун ырыа аргыстаах” серия  бырайыак ааптара Римма Сидорова “Оҕо саас оһуора, эдэр саас эрчимэ” Ньурба оройуонун ырыа айааччыларын хомуурунньуктарын сүрэхтэниитэ буолуоҕа.  Ырыанньыкка 43 ырыа айааччы, 104 оҕолорго уонна ыччаттарга анаммыт ырыалара киирдилэр.  Ырыалар ноталанан, аныгы үйэ сиэринэн QR кодунан батыһыннаран  ыллыыр холобурданан оҥоһулунна. Бу бэрт сэдэх хомуурунньук  ырыаны таптааччыларга, музыка учууталларыгар, кулууп үлэһиттэригэр күүстээх методическай көмө буолуо диэн эрэнэбит. Ырыанньыгы хомуйан оҥордулар ааптар Римма Сидорова, Искусствоведение билимин кандидата Лена Степанова, элбэх ырыа ааптара Дмитрий Потапов, хомуурунньук “ТупсАрт” полиграфическай студияҕа бэчээттэннэ.  Түгэнинэн туһанан ырыанньык күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буолбут «Ньурба куорат» МТ, “Кыталык” КД барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу хомуурунньукка киирбит ырыаны «Дьиэрэй» ырыа студиятын солистката Эмилия Емельянова толордо, кырачаан кулунчуктар буолан “Сир симэхтэр ” үҥкүү ансаамбыла үҥкүүлээтилэр.

Элбэх истиҥ тыллаах эҕэрдэ тыллара этилиннилэр, үлэбит ситиһиилэрин бэлиэтиир наҕараадалар туттарыллыннылар.

   Өйдөөн көрбүт буоллаххытына, кэнсиэр нүөмэрдэрин икки ардыларыгар баар сибээскэлиир роликтар дьиҥ култуура үлэһитин олоҕуттан ылыллыбыттара. Оҕолорбут үрдүттэн сылдьан оруолларга, үҥкүүгэ үөрэ-көтө кыттыһан улааталлар, ырыаһыттарбыт бары ыллыыр көстүүмнэрин түгэн көстүөр диэри хосторугар ууран тураллар. Субу уһана сылдьан, эмискэ ыл, кэл бар диэн  буоллаҕына, түргэн үлүгэрдик уларыттаат, сыанаҕа ойоллор. Хаһан да үҥкүүлээн көрбөтөх вахтер дьуһуурустубатыгар олорон наада буоллаҕына сыанаҕа тахсан үҥкүүлүүр. «Кыталык» КД киирбит үлэһит суоппарыттан вахтеругар тиийэ сатаатын сатаабатын барытыгар кыттыһарыттан үөрэр эрэ.

    Убаастабыллаах көрөөччүлэрбит! Эһиги баар буолаҥҥыт биһиги айар – тутар дьоҕурбут уостубат, эһиги баар буолаҥҥыт сыанаҕа тахсарбытын кынаттыыгыт, эһиги сылаас ытыскыт тыаһыгар куустаран саҥа аартыктары арыйабыт, биһигинниин куруук бииргэ буолуоххут диэн эрэнэбит!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *