«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана хомсомуоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, этэргэ дылы, хайаны да түҥнэри көтөр кыахтаахтара. Киһи бары комсомолга киирээри кыһаллара, араас ыытыллар тэрээһиннэртэн туора турбакка көхтөөх кыттыыны ылара.
Быйыл дойду үрдүнэн Комсомол 105 сылын бэлиэтиибит. Республика үрдүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэр бу күҥҥэ анаан тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Ол курдук бүгүн, алтынньы ый 28 күнүгэр «Кыталык » КД фойетыттан саҕалаан хомсомуол саҕанааҕы тыын бэриллэн, ол кэмтэн араас значок коллекциялара, открыткалар, журналлар, фотозоналар турдулар. Быыстапкалааччылар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ тута көстөр. Биэчэргэ кэлбит дьон астына – дуоһуйа хаартыскаҕа түһэн түгэни үйэтиттилэр.
Быйылгы хомсомуолга аналлаах тэрээһини мунньах курдук ыыппакка, эдэр көлүөнэни кыттыһыннаран, историяны хасыһан биллиннэр диэн үс көлүөнэ икки ардыларыгар күрэх быһыытынан барда. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, үҥкүү бөҕөтүн үөрэтэннэр хамаандалар бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. «Көлүөнэлэр ситимнэрэ» күрэх түөрт түһүмэхтэн турда. Бастакы түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрэн сыанаҕа хомсомуол саҕанааҕы ыччат таҕыста — «Комсомолцы — добровольцы» диэн ааттананнар Кардашевская Татьяна Георгиевна хамандьыырдаах Васильева Вера Васильевна, Таюрская Лена Николаевна, Сидорова Татьяна Дмитриевна, Семенова Изамира Феодосьевна таҕыстылар.
Иккис көлүөнэ – 90 сыллар оҕолоро «Лихие 90-е» диэн ааттананнар Григорьева Юлия Александровна, Григорьев Юрий Павлович, Николаева Айталина Валентиновна, Аярова Надежда Тихоновна уонна Баттахов Семен Павлович тахсан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Уонна биһиги эрэллэрбит, инники кэскиллэрбит – «Ньурба эрэлэ» оҕону эбии сайыннарар киин иһинэн үлэлиир хамаандаҕа Никифорова Айталина, Собакин Харысхан, Тихонов Максим, Зедгенидзев Эдуард, Аргунова Аина тахсан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Иккис түһүмэх – үҥкүү паузата диэҥҥэ биһиги кыттыылаахтарбыт бэйэлэрин кэмнэрин саҕанааҕы үҥкүүлэри ойо –тэбэ үҥкүүлээн көрдөрдүлэр.
Үһүс түһүмэххэ өркөн өй күрэҕэ буолла. Хамаандалар бары сыанаҕа тахсан туран ыытааччы Михаил Кутана ыйытыгар ким түргэнник эппиэти биэрэргэ күрэхтэстилэр. Араас хайысхаттан боппуруостарга бары да тэҥ соҕус эппиэти биэрэннэр доҕордоһуу кыайда.
Төрдүс түһүмэххэ кыттааччылар экраҥҥа көстөр караокены көрө туран тутатына ылластылар. Комсомолларга 90-с сыллар ырыалара, 90- с сыллар ыччаттарыгар аныгы, эдэр көлүөнэбитигэр комсомол саҕанааҕы ырыалар буккуйа түбэһэн кыттааччыларбыт долгуйбакка туран сөпкө ыллаатылар.
Хомсомуол 105 сылынан итии-истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр “Ньурба оройуона” МО баһылыгын социальнай боппуруостарыгар солбуйааччы Перова Наталья Семеновна, СР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, XVIII – с комсомол съеһин делегата Лугинов Вячеслав Федорович.
Биэчэри киэргэттилэр аҕыйах хонуктааҕыта интернет ситиминэн тарҕаммыт Ньурба оройуонун араас нэһилиэктэригэр уһуллубут хомсомуол 105 сылыгар аналлаах флешмобтара уонна “Кыталык” КД ылбаҕай ырыаһыттара.