Сэтинньи ый 18 күнүгэр «Кыталык» КД кэтэһиилээх, Ньурба оройуонуттан төрүттээх ырыа айааччылар, мелодистар кэнчээрилэрбитигэр – оҕолорго уонна эдэр ыччакка анаан суруйбут ырыаларын биир хомуурунньукка түмэн, үс туомнаах «Оҕо саас оһуора, эдэр саас эрчимэ» диэн ааттаанан бэртээхэй ырыанньык сүрэхтэниитэ буолла.
Ырыа кэрэ эйгэтин сүгүрүйээччилэрэ бүгүн киэһэ бииртэн биир кэрэ ырыаны истэн дуоһуйан, хас тахсар ырыа аайы дохсун ытыс тыаһынан көрсөн бэртээхэй киэһэ ааста. Ырыа барыта кэриэтэ үҥкүү арыаллааҕа нүөмэри толору ситэрэн биэрдэ. Бу дьоро киэһэҕэ куорат уһуйааннарыттан, оскуолаларыттан оҕо – аймах кыттыыны ылбыта, ырыанньык бэйэтин сыалын толору ситистэ дии саныыбыт. Куорат олохтоохторун, бу үөрүүлээх түгэнинэн Дьокуускай куораттан бэйэлэрин видео эҕэрдэлэринэн Ньурба биллэр мелодистара, элбэх ырыа автордара Владимир Владимирович Литвинов уонна Антон Иванов ыыттылар.
Кэнсиэр бастакы чааһын иилээн-саҕалаан хас биирдии ырыа айааччы туһунан кэпсээн, ырыа ис хоһоонун толору арыйан, көрөөччүгэ тиэртэ СӨ култууратын уонна ыччат политикатын туйгуна, Искусствоведение билимин кандидата Лена Руслановна Степанова.
Тэрийээччилэр көрдөһүүлэрин ылынан, «Бохо» аныгы муода таҥас маҕаһыынын таҥастарын кэтэн куорат тэрилтэлэрин кэрэ Далбар хотуттара , ону таһынан Ньурба куорат көмүс маҕаһыынарыттан биир бастыҥнара “Драгоценности Якутии” ювелирнай салон табаардарын кэрэ бэйэлээх “Эрчим” үҥкүү ансаамбылын кыргыттара кэтэн көрдөрбүттэрэ кэнсиэри эбии киэргэтэн биэрдэ.
Бу улахан бырайыак бөлөҕүн салайан үлэлэттэ — Римма Ивановна Сидорова, көмөлөһөөччүтүнэн, редакторынан үлэлэстэ СӨ култууратын уонна ыччат политикатын туйгуна, Искусствоведение билимин кандидата Лена Руслановна Степанова уонна Ньурба оройуонун мелодиһа, хоһоонньута, аранжировщига Дмитрий Корнилович Потапов буолан иилээн – саҕалаан үлэлэһэн, бу бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ куорат олохтоохторугар бэлэх буолан тахсыбытыгар дьон махтала үгүс.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэ тыллары эттилэр “Ньурба оройуона” МО дьиэ кэргэн отделын исписийэлииһэ О.В. Андреева, «Ньурба куорат» МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта М.К.Куличкина, Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан “Кыталык” КД дириэктэрэ С.Б.Дондокова, « Ньурба» хаҺыат редакциятыттан Л.И.Иванова, “Ньурба оройуона” МО култуураҕа департаменын сүрүннүүр исписийэлииһэ Д.И.Бурнашева.
“Оҕо саас оһуора, эдэр саас эрчимэ” ырыанньык — «Олох устун ырыа аргыстаах» бырайыак чэрчитинэн үһүс улахан үлэ буолар. Үс туомнаах хомуурунньукка барыта холбоон түөрт уон үс ааптар сүүс түөрт ырыата таҥыллан киирдэ. Манна киирдилэр саха бастакы дьахтар композитора Полина Иванова, композитордар Афанасий Моргусов, Александр Дмитриев – Таммах, самодеятельнай композитор Егор Поликарпов, мелодистар Николай Иванов – Сулусаак, Николай Сеялов, Владимир Литвинов, Тамерлан Иванов, Семен Николаев, Дмитрий Потапов, Александра Никифорова, Лена Таюрская, номох буолбут ааптардар Никифор Семенов, Владимир Васильев ХХ-ка, эстрада чаҕылхай сулустара Игорь Егоров, Антон Иванов, Максим Федоров уонна да атыттар.
Бу саҥа күн сирин көрбүт ырыанньык оҕо уһуйааннарын, оскуола, ырыа куруһуоктарын учууталларыгар, кулууп муусука салайааччыларыгар олус туһалаах босуобуйа буолуо диэн эрэлбит улахан. Ырыа тылларыттан нуотатыгар, муусукатыгар, өссө эбиитин хайдах ылланарыгар тиийэ аныгы үйэ сиэринэн QR кодунан сирдэтинэр ыйынньыктаах оҥоһуллан тахсыбыта ыйынньыгы үрдүк таһымныыр.
Бүгүҥҥү кэнсиэр иккис чааһа музыкальнай салон быһыытынан фойеҕа тыыннаах доҕуһуол арыаллаах, көрөөччү саалатыттан тахсыбыт ылдьыттарга анаан фуршеттаах, Егор Михайлов ыытааччылаах көрүстэ. Манна эдэр ыччатка аналлаах тэтимнээх ырыалар тыаһаатылар. Махсыым Федоров ылбаҕай ырыатыгар «Эрчим» үҥкүү ансаамбылын кыргыттара Ньурба куорат “Достояние Якутии” ювелирнай салон үрүҥ көмүс киэргэллэрин кэтэн хааман көрдөрдүлэр. Сонун хамсаныыны кэлбит ыалдьыттар тарҕаспакка, оҥоһуллубут фотозоналарга хаартыскаҕа түһэн, доҕотторун көрсөн, тэҥҥэ үҥкүүлэһэн, биэчэрдэрин бэркэ атаардылар.
Түгэнинэн туһанан, бу сүдү, историяҕа хаалар бырайыакка бары үлэлэспит дьону, сахалыы ырыа сайдарыгар айамньылаахтык үлэлээбит, элбэх ырыа ааптарыгар, «АМАКА» ВИА төрүттээччитигэр, “Мегаджек” тыаһы – ууһу уһулар студия салайааччытыгар, Мэҥэдьэк нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор, бу ырыанньык биир сүрүн хомуйан оҥорооччутугар, сүбэһитигэр, ырыалар аранжировкаларын оҥорбут Дмитрий Корнилович Потаповка, бырайыак ааптарыгар Римма Ивановна Сидороваҕа, СӨ култууратын уонна ыччат политикатын туйгуна, Искусство наукатын кандидатыгар, ырыанньыгы хомуйан оҥорооччутугар Лена Руслановна Степановаҕа, хас биирдии ырыаҕа нуотаны таҥан оҥорбут кыргыттарга Ньурбатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын учууталларыгар Айыына Алексеевна Тыхееваҕа, Алена Андреевна Поповаҕа, ырыанньыгы дизайнаан, бэчээккэ ыытан таһаартарбыт урбаанньыкка Саргылана Николаевна Прокопьеваҕа, ырыалар аранжировкаларын оҥорбут Прокопий Егорович Григорьевка, ырыанньыкка киирбит клиптары устан, монтаажтаан оҥорбут үлэһиттэргэ, QR куод сыһыарыытыгар үлэлэспит техническай редактордарга, Ньурба оройуонун кулууптарыттан бииргэ үлэлэспит исписийэлиистэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Хайа баҕарар бырайыак үбүлээһинэ суох бырайыак буолбат, ол курдук, бу ырыанньык күн сирин көрөрүгэр сүдү күүс буолбут « Ньурба куорат » МТ уонна Н.И.Харитонов-Николай Чуор аатынан “Кыталык” КД Дьаһалталарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Оҕо саас оһуора, эдэр саас ситимэ» хомуурунньук бэйэтин сүгүрүйээччилэрин булуо диэн эрэнэ хаалабыт.