Ханнык да үрдүк культуралан төрүт – уус музыката, ырыата – тойуга атын омуктарга суох, национальнай сүрүн уратылаах уонна анаабыт курдук музыкальнай инструменнаах буолааччы. Сахаҕа дьон – сэргэ дууһатын чопчута буолбут музыкальнай уратыбыт – кылыһахтаах тойукпут, оһуокайбыт уонна онтубут ураты доҕуһуолун дьүрүскэнин үүт – үкчү үтүктэн доҕуһуоллуур үнүстүрүмүөммүт кылыһахтаах кыл – кылыһах (кырыымпа)уонна хомус буолаллар. Хомус – соҕотох тыллаах. Сэмэй сигилилээх, нарыҥ тэрил, ыллаххына – ытыс иһигэр саһар, угуннаххына – сиэп түгэҕэр түһэр. Оннук кыра, оннук куйа уран, уйан тэрил, сүүс омук сүрэҕин сүүйэн, аар – саарга аатыран эрэр. Тыҥкырай курдук тыллаах, итиччэ кыра, быһах уһун аҥаарын саҕа иэҕи тэрил, күн толбонун ырыатынан ыһыахтанан, бар – дьон кутун кууста. Саха хомуһа күн бүгүн толору нота дорҕоонунан ыллыыр. Хомус уустара ити эргимтэҕэ киирэн баһылаатылар.
Бүгүн саха хомусчуттара соҕотох тылынан чыычаах ырыатын айаллар. Норуот киэҥ туттар символын – хомуһу киэҥ араҥаҕа таһаарыыга, Аан дойдуга албан сураҕын өлбөт үйэлээһиҥҥэ филологическай наука доктора, Россия уонна Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, хомус Аан дойдутааҕы киинин президена И.Е. Алексеев –Хомус Уйбаан сыаната биллибэт кылаатын киллэрбитэ. Кини тыыннаах тыллаах хомуһунан бүтүн айымньыны айар талааннаах. Биир тутуллаах, сайдан эрэр эгэлгэ ис – хоһоонноох, иэйэр – куойар куттаах сомоҕо, кэлиҥсэ поэманы айар куттаах. Кини айымньыта өр сылларга ис – иһиттэн иитиллэн, сайдан, чочуллан тахсыбыт толору, ситэри киэптээх буолар. Ону оонньооччу бэйэтэ билэрин, өйдүүрүн таһынан дьоҥҥо, норуокка тиэрдэр дьоҕурдаах. Истээччи ол кэрэ кэпсээни чуор кулгааҕынан истэр, уйан сүрэҕинэн ылынар.
Өрүкүйэн өйтөн айыы, санааны, иэйиини эккирэтии хомус музыкатын байытара, барҕардара мөккүөрэ суох. Импровизация сайдыытын хомус музыкатын, хомус оонньуутун салгыы сайдар кэскилин өйдүөххэ, көрүөххэ сөп. Тутатына айыы саха киһитин уран уратытыгар сыста сылдьар.
Күн – дьыл тумарыга тумнаран, онуоха эбии сайдыы балысхаҥа саба баһыйан сахаҕа даҕаны хомус умнулла сыспыта урукку умнуллубут сахтарга, өбүгэлэрбит имигэс илиилэригэр муос, мас, тимир хомустар үгүс үйэлэргэ ыллаан – туойан күөгэтэн ааспыттарын билэбит. Төһө ыраахтан хомус оонньонор, охсуллар буолбута биллибэт. Арай сурукка этэллэринэн 1807 сыллаахха Дьэрэлийэр Удаҕан Дьокуускайтан Дьааҥыга тиийэригэр куһаат куругар сэттэ – аҕыс хомустааҕа үһү. Россияҕа Зотов Кинээс сыбаайбатыгар 1714 сыллаахха хомуһунан күргүөмүнэн оонньообуттарын сэргии аахпыппыт. Биһиги эбэлэрбит сылаас ытыстарын иһигэр уктан, хомус барахсаны тыыннаах аҕаллылар. Былыр – былыргыттан сырдаан – сылаанньыйар кэмнэригэр, сүөм түһэр күннэригэр хомус дорҕоонунан санааларын саататаллара. Үйэлээх үгэһи тутуһаннар, халбаҥнаабат кэлим киэбинэн мэлдьитардаллара. Чочуйан – чочуйан, ыраастаан – ыраастаан, тойук дуоспуруннааҕын, ырыа ылбаҕайын хаалларбыттар.
Ийэ куттара, ис эйгэлэрэ кытары сөбүлээннэр үс сүрүн дорҕоону, үс салаалаах Аал лук маһынан силигилии үүннэрбиттэр. Үс дорҕоон ыллыыр ырыатын “Сыыйа тардыы”, “Хаастатыы”, “Күөрэгэйдэтии” диэн ааттааннар, алгыс баһынан салҕаабыттара. Сайын далбарай чыычаах буолан көтөн күлүгүрүүр, унаар урсуҥҥа битии битийэр. Ити матыыптар хоболоох хоһоонноро Саха аатын ааттата сылдьаллар. Саха хомуһа уларыта тутуу кэмигэр иккистээн төрөөн сыаналанар, өйөнөр буолла. Норуот быһыытынан киэҥ туттарбыт хомуспут буолла. Онон айар абылаҥ сайдарыгар быһыы – майгы кытары көмөлөһөр. Биир матыып хаарчаҕар хаайтарбат, импровизациялаан тардыы салҕанан, сайдан барда, үгэскэ, үөрүйэххэ кубулуйда. Саха хомуһа ыллыыр ымыыбыт, көтөр күөрэгэйбит буолар.
Саха дьоно дууһатынан ылынар, сахалыы куоласпыт сүнньэ, национальнай музыкабыт – хомуспут үйэлэри туораабыт үтүө сирэйэ оһуокай умсулҕаннаан ырыата, кылбайар кылыһахтаах тойукпут, норуот ырыаларабуолаллар. Сахалар бэйэбит бэлиэтик биллэр – көстөр; сир – сир аайы сэргэнэр музыкалаах буолуубут баай, былыргыттан баар музыкальнай фольклорбутун тутустахпытына кыаллыаҕын олох көрдөрөн иһэр. Хомуска улахан ситиһиибит төрүөтүнэн, норуоттан тахсыбыт талааннаах энтузиаст дьоннорбут уҕараабат дьулуурдаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Хомус дириҥ дьүрүскэнэ инникитин даҕаны сайдар уонна абылыыр ураты күүстээх.
Ыстатыйаны суруйда
“Талба талааннаахтар түһүлгэлэрэ” НФК
салайааччыта Николаева Р.Н.,
специалиһа Степанова Н.В.