«Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс…», төһө да бу тыллар күүстээхтэрин, эрэл кыымын сахпыттарын иһин, ис хоһооно дириҥ суолталаах, тустаах киһиэхэ тирээн кэллэҕинэ, ыарахан өйдөбүлээхтэр.. Бүгүн бу тыллар көмөҕө ыҥырыы буолан « Кыталык » КД ыраах Соҕуруу Кореяҕа ырахан ыарыыттан эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарбыт Иванова Ольга Владимировнаҕа, Афанасьева Айталина Федоровнаҕа уонна Евсеев Сергей Ивановичка көмө, аһымал кэнсиэрт быһыытынан ыытылынна.
Кэнсиэри иилээн – саҕалаан ыыттылар “Ньурба оройуона” МО опека уонна попечительство отделын салайааччыта, Халанникова Валентина Семеновна уонна Ньурбатааҕы элбэх хайысханы үөрэтэр Ст.Васильев аатынан гимназия специалиһа Егор Михайлов.
Счетнай хамыыһыйаҕа үлэлээтилэр “Ньурба оройуона” МО сүрүннүүр исписийэлииһэ Степанова Виктория Валерьевна уонна Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан “Кыталык” КД исписийэлииһэ Елегяева Татьяна Александровна.
Бүгүҥҥү кэнсиэркэ тэрийээччилэр ыҥырыыларын ылынан, ыраахтан – чугастан кыттааччы бөҕө кыттыһан, аһымал кэнсиэрт бэрт сэргэхтик ааста.
Ньурбатааҕы киин балыыһа үлэһиттэрин уонна Петрова В.А. аатын сүгэр кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат дьиэтин үлэһиттэрэ үлэ быыһыгар эрчиллэннэр бэртээхэй үҥкүүлэри бэлэхтээтилэр. Ылбаҕай ырыаларга антураж буолан киэргэттилэр Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан “Кыталык” КД иһинэн үлэлиир “Ситим”, “Эрчим”, “Сир симэхтэрэ” үҥкүү ансаамбыллара.
Централизованнай бухгалтерия кэрэ кыргыттара аныгылыы “Чарли” диэн үҥкүүнү үҥкүүлээн сэргэхситилэр. Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр артыыстара кэлэн ыллаан, туойан бардылар.
Бу дьоро киэһэ, аһымал кэнсиэрткэ барыта холбоон 66720 солкуобай харчы атыыламмыт билиэтинэн уонна уурунаҕа киирдэ. Киирбит үп ыраах Соҕуруу Кореяҕа ыарахан ыарыыттан эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарбытыгар Иванова Ольга Владимировнаҕа, Афанасьева Айталина Федоровнаҕа уонна Евсеев Сергей Ивановичка көмө быһыытынан ыытыллыахтара.
Түгэнинэн туһанан бүгүҥҥү кэнсиэрткэ кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит, куруутун субу курдук аһыныгас сүрэхтээх, элэккэй майгылаах буолуҥ, кыһалҕалаахтары өйдөөн оҥорбут үтүөҕүт уон оччонон төҥнүө диэн эрэнэбит!