Олунньу ый 17 күнүгэр «Кыталык» КД үгэс быһыытынан ыытыллар “Удьуорбутун утумнаан” оройуоннааҕы фольклор араас көрүҥнэригэр уһуйаан сааһыттан оскуола оҕолорун 11 кылааһыгар тиийэ бөлөхтөргө арахсан күрэх ыытылынна. Быйылгы күрэх уратыта диэн биһиги кулууппутугар фольклор хайысхаҕа саҥа үлэһиттэр киирэн, эдэрдии сүүрээн киллэрэн, күрэх бырагыраамматыгар хомуска, кылыһах таһааран сөпкө тыыныыга маастар-кылаастары көрдөрөөһүнтэн күрэҕи саҕалаатылар уонна биир ыйы быһа Дьокуускай куораттан А.Д.Макарова аатынан Култуура уонна искусство колледжын төрүт култуура салаатын 4 куурсун устудьуонун Михайлов Алексей дипломнай үлэтин көмүскүүр «Хоҥолдьуйа уонна Ымалдьыйа» остуоруйаҕа олоҕуран туруоруута буолла.
Бүгүҥҥү күрэххэ Ньурба куоратыттан уонна нэһилиэктэртэн барыта холбоон 80-тан тахса оҕо кыттыыны ылла. Тэрийээччилэр уһуйаан саастаах оҕолор кыттыылара элбэҕин бэлиэтээтилэр, күрэххэ кыттааччылар сыанаҕа тахсар уобарастарын толору арыйан сахалыы таҥастан саҕалаан туттар тэриллээх кэлбиттэрэ биһигини үөртэ.
Тойон сүбэҕэ бүгүн үлэлээтилэр Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД фольклор хайысхатыгар үлэлиир специалистар СӨ культууратын туйгуна Николаева Р.Н., Кучурова Т.А. уонна Ньурбатааҕы үөрэҕирии управлениетын иитэр үлэ уонна эбии үөрэхтээһин отделын сүрүннүүр исписийэлииһэ Семенов В.Н.
Бүгүҥҥү күрэххэ ыраах нэһилиэктэртэн кытта кэлбиттэрэ тэрийээччилэри үөртэ. Дьүүллүүр сүбэ оҕолор фольклор бары көрүҥэр чуолаан олоҥхону толорууга сайдыбыттарын бэлиэтээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, сорох кыттааччылар Республика таһымыгар ситиһиилээхтик кыттыахтара сөбүн ыйдылар.
Бүгүҥҥү көрүү түмүгүнэн хас хайысха аайы кыттыбыт кыайыылаах оҕолорго дипломнар уонна бастакы үрдэллэргэ өйдөбүнньүк статуеткалар, бары кыттааччыларга кыттыы иһин туоһу суруктар туттарылыннылар.
Күрэх түмүгүнэн биирдиилээн толорууга Гран – При үрдүк аатын ылла Хаҥаластан сылдьар Анжелина Жданова, бөлөҕүнэн толорууга Гран – При үрдүк аатын ыллылар Маартан «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» фольклорнай ансаамбыл.
Сылын аайы ыытыллар “Удьуорбутун утумнаан” оройуоннааҕы күрэх инникитин өссө да үүнэ-сайда, бэйэтин тула кыттааччылары түмэ туруо диэн эрэнэбит!