Сэтинньи ый 23 күнүттэн бу бүгүн сэтинньи ый 27 күнүгэр диэри куораппытыгар уонна нэһилиэктэринэн СӨ судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах араас хабааннаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар, түмүктүүр чааһа бүгүн Степан Васильев аатынан болуоссакка буолла. Тэрээһини куораппыт талба талааннаахтара дириҥ ис хоһоонноох тойугунан арыйан, салҕыы А. Я. Овчинникова аатынан «Түhүлгэ» норуот айымньытын дьиэтин иhинэн үлэлиир «Дуорай» уолаттар ансаамбыллара, (салайааччылар Петр Белолюбскай, Надежда Обоева, хормейстер Изабелла Ефимова) ыллаан, мустубут ыалдьыттарга патриотическай тыын киллэрдилэр. Бу үөрүүлээх күҥҥэ Степан Васильев паамытынньыгар өйдөбүнньүк гирлянда ууруллунна, 14 саастарын туолбут оскуола оҕолоругар пааспар туттарылынна, Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай тыйаатыр дириэктэригэр Никитин Н.И. СӨ Ил Дарханын Грамотатын, Н.И..Харитонов – Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД фольклор салаатын исписийэлииһигэр Таисия Кучуроваҕа «СӨ үтүөлээх этээччитэ» дастабырыанньатын туттардылар. Салҕыы бырааһынньыктааҕы миитини оһуохай түһүлгэтэ түмүктээтэ.
Күнүс икки чаастан “Кыталык” КД иһигэр СӨ судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн уонна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас, Марха улууһа (Ньурба оройоуна) тэриллибитэ 200, Н.И.Харитонов – Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД тэриллибитэ 35 сылларыгар аналлаах оройуонуннааҕы «Сахам сирин таптыыбын» оскуола оҕолоругар оһуокай күрэҕэ ыытыллынна. Манна Ньурба куораттан уонна түөрт нэһилиэктэн барыта холбоон отутча оҕо сааһынан үс бөлөххө арахсан кыттыыны ылла. Күнүс 16 чаастан бу оҕолор тойон сүбэ үлэлиир кэмигэр улахан саалаҕа киирэн, бүгүҥҥү судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах викторинаҕа 4 хамаандаҕа арахсан кыттыыны ыллылар. Манна барыларыттан чорбойон Маартан киирэн оһуохайга кытта сылдьар кыргыттар бастаатылар.
Түгэнинэн туһанан бииргэ үлэлиир кэллиэгэбитин Таисия Аркадьевнаны бу бүгүҥҥу улахан суолталаах күҥҥэ «СӨ үтүөлээх этээччитэ» үрдүк ааты ылбыккар эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Өссө да үүнэ-сайда тур, саҥа саҕахтар арылла турдуннар диэн баҕа санаабытын этэбит!