СӨ олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Үөрэҕирии+Култуура» бырайыак, Н.И.Харитонов-Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД 35 сылыгар оҕолорго аналлаах «ТЫЛ-БАТТЛ» күрэх балаһыанньата

  • Ыытыллар сирэ: Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД.
  • Ыытыллар кэмэ: Сэтинньи ый 25  күнэ 2024с. 15:00ч
  • Тэрийээччилэр: Н.И. Харитонов – Николай Чуор аатынан «Кыталык» КД, Ньурба оройуонун үөрэҕирии салалтата.

Күрэх сыала-соруга:

оҕоҕо саха тылын сүмэтин иҥэриммит олоҥхо нөҥүө төрөөбүт тылын иҥэрии;

ийэ тылынан киэн туттуу, өрө тутуу, күннээҕи олоххо сахалыы саҥа эйгэтин кэҥэтэргэ туруулаһыы, үлэлэһии;

оҕо олоххо көрүүтүн хаҥатыы;  

Күрэх көрүҥнэрэ:

  • 1 көрүҥ – «АЙ уонна ТАЛ» – эрдэттэн бэлэмнэниллибит сорудахтартан талан тылтан тыл таһаарыы;
  • 2 көрүҥ – САХА- ПАЗЛ – бириэмэҕэ олоҥхо уруһуйдарынан паазылы таҥааһын;
  • 3 көрүҥ – «Мин кимминий?» – бэриллибит тылы бириэмэҕэ таайааһын;
  • 4 көрүҥ – Өбүгэ оонньуулара – «ОЙБОНТОН УУЛААҺЫН» — хаамандалартан биирдии киһи бириэмэҕэ күрэхтэһэллэр;  
  • 5 көрүҥ –  «Олоҥхо продакшн» – бэриллибит быстах ойуулугу сахалыы тыллаан бэлэмнэнии, тиэмэтин толору арыйыы;
  • 6 көрүҥ —  музыкальнай угуйук  – саха фольклорун араас көрүҥнэрин  бириэмэҕэ истэн таайыы.

Ирдэбилэрэ:

  • Оскуолаттан 5-с  кылаас оҕолоруттан хамаанда;
  • Хамаанда киһитин ахсаана 5 оҕо;
  • Хамаанда уопсай анал таҥастааҕа  биһирэнэр;
  • Хамаанданы өйүүр бөлөх,  ахсаана хааччаҕа суох;
  • Хамаанда аат толкуйданан кэлэр;   
  • Кыттааччылар сайаапкаларын сэтинньи ый 20 күнүгэр  диэри Кучурова Т.А. – 89148225171 нүөмэрдэргэ тиксэрэҕит.

*Күрэх балаһыанньатыгар тэрийээччилэр быһаарыыларынан уларытыы киллэриэхтэрин сөп

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *