Детский народный фольклорный ансамбль «Ньурбачаан»
Год создание коллектива: народный фольклорный коллектив создан в 1987г. В 1994г. Присвоено звание «Народный фольклорный коллектив»
Ф.И.О. основателя коллектива: основателем объединения «Ньурбачаан» Тихонова Розалия Михайловна – отличник культуры Республики Саха (Якутия), обладатель республиканского звания «Дархан этээччи». С 2016г. Руководителем НФК «Ньурбачаан» является Антонова Айаана Владимировна. Коллектив состоит из детей школьного возраста и молодежи. Объединяет любителей народного творчества. В данное время в составе 35 детей и подростков с подразделением на старшую и младшую группы. Неизменной целью коллек5тива является сохранение традиционной культуры и богатого фольклора народа саха, в том числе популяризация этно-фольклора среди молодежи. Коллектив ежегодно организует районные фольклорные фестивали «Удьуорбутун утумнаан», «Этно-Бит Осуохай».
Периодичность занятий соответствует требованиям Положения о народном самодеятельном коллективе Республики Саха (Якути). Репетиции проводятся три раза в неделю: вторник, среда, четверг на базе МБУ ДК «Кыталык» им. Н.И.Харитонова – Николая Чуор.
НФК «Ньурбачаан» является активным участником республиканского конкурса детского творчества «Академия талантов», республиканского телевизионного конкурса «Полярная звезда», фестиваля Фонда развитие культуры нардов Сибири и Дальнего Востока «Северная радуга», фестиваля – конкурса самодеятельного творчества «Первые шаги» ФК «Бриллиантовые нотки» и т.д.
Нфк «Ньурбачаан» имеет свою концертную программу, состоящую из индивидуальных и ансамблевых номеров, художественно-музыкальных композиций. Репертуар фольклорного коллектива периодически обновляется. Воспитанники ансамбля являются постоянными участниками культурно-массовых мероприятий ДК «Кыталык». На территории МО «Город Нюрба» коллектив ДК «Кыталык», в среднем проводит 150 мероприятий в год. В более половины которых задействованы воспитанники детского коллектива «Ньурбачаан». Обновленный репертуар НФК «Ньурбачаан» ежегодно представляет на других площадках в рамках Месячника родного языка и письменности, городского праздника «Проводы Зимы», национального праздника «Ысыах», в День города, Дни Олонхо и Хомуса.
Вокальный ансамбль «Сэгэлдьийэ»
Женский вокальный ансамбль самодеятельности «Сэгэлдьийэ» клубное формирование ДК «Кыталык» города Нюрба. Участники ансамбля — это врачи, учителя, медсестры, социальные работники, работники банка и домохозяйки. Возраст участников ансамбля 32 — 55 лет. В репертуар ансамбля входят якутские народные песни, песни местных авторов и др.
Лауреаты 3 степени конкурса вокальных ансамблей художественной самодеятельности среди Вилюйской группы улусов (2019г. с. Чаппанда, Нюрбинский район). Участники XVI Международного музыкального и танцевального фестиваля «УДБХАВ УТСАВ» (2019 г. город Гвалиор, Индия). Руководитель клубного формирования Римма Сидорова.
Детский вокальный ансамбль «Чоргуй»
Народный фольклорный коллектив
«Талба талааннаахтар түһүлгэлэрэ»
“Талба талааннаахтар түһүлгэлэр” народнай фольклорнай коллектив.
Айылҕаттан айдарыылаах норуот дэгиттэр талааннааҕа , СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Степанович Егоров — Оһоокой Сэмэн норуот талааннаахтарын кылыгырас кылыһахтаах тойуксуттары, ырыаһыттары, оһуокайдьыттары, олоҥхоһуттары түмэн, 1984 сыллаахха “Оһуокай” полкулуорунай кэллэктииби төрүттээбитэ. Кэллэктиип 1987сыллаахха “норуодунай” ааты ылбыта.
Онтон бу кэллэктииби 1996 сылтан Николаева Р.Н. салайан үлэлии сылдьар.
Үгэс быһыытынан биһиги кэллэктиип ыытар “Удьуорбутун утумнаан”, “Мин олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн күрэхтэрбит саҥа талааннаах оҕолор тахсыыларыгар төһүү буолар.
Өбүгэ өлбөт-сүппэт үгэһин үйэтитэн, сылын ахсын ыам ыйын 22 күнүгэр самаан сайыны көрсө салама ыйааһынын, Ыһыах күн күнү көрсүү сиэрин-туомун иилээн-саҕалаан ыытабыт.
Сылтан сыл ахсын Ньурба куората саҥа уопсай дьиэлэринэн, сквердэринэн киэркэйэр. Онно аныгы кэм туомнарын толорон, алгыс этэн аһабыт.
2014 сыллаахха оройуоннааҕы култуура быыстапка-дьаарбаҥкатыгар “Түөлбэ оһуокайа” проегы суруйан көмүскээбитим, полкулуор номинациятыгар 1 миэстэни ылан, 4 сылын тыа нэһилиэктэрин хабан, ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оһуокай быстыбат утумун салҕааччыларынан, өлбөт-сүппэт үйэлээччилэринэн : И.Т. Сидоров, С.С. Егоров, Е.М.Егоров, С.Н.Николаев, В.Е.Варламов А.Ф.Софронов, буолбуттара.
Күн бүгүн оһуокай түһүлгэтин Р.М.Тихонова, К.В.Федоров, В.Е.Сухаринова,А.В.Догуева, И.Е.Семенова уо.д.а. Киэҥ Ньурба оһуордаах оһуокайын республикаҕа тиийэ аатырдаллар, дьон- сэргэ биһирэбилин, билиниитин ылаллар. Биһиги эдэр, эрчимнээх оһуокайдьыттарбыт: Т.А.Кучурова, П.Д.Федоров, А.В.Антонова, Д.К.Слепцов, В.Н.Платонов оһуокай добун түһүлгэтин эрэллээхтик салгыыллар. Сылын аайы ыытыллар ыччат оһуокайын кыттыылаахтара элбээн, түһүлгэлэрэ кэҥээн иһэрин астына бэлиэтиибит.
“Талба талааннаахтар түһүлгэрэ” норуодунай полкулуорунай кэллэктиип кэнники 5 сылга ситиһиилэрэ:
2018с.Санкт- Петербург куоракка ыытыллыбыт “Снежные узоры Якутии” диэн норуот айымньытын выставкатын аһыллыытыгар кыттан, концертаан кэлбиппит.
“По истокам традиций” 1 Республиканскай заочнай конкурска “Күнү көрсүү” сиэрэ-туома Гран-при буолбута.
2019с. “Золотое мгновение” фестиваль –конкурска Гран-при ылбыппыт.
“Мин көмүс күһүнүм” Республиканскай заочнай күрэххэ коллектив 2 степеннээх лауреат аатын ылбыта.
Бу фестивальга чабырҕахсыттар уонна тойуксуттар бөлөхтөрө 1степеннээх лауреат аатын ылбыттара.
Бу сыл Казань куоракка ыытыллыбыт “Казанские узоры” диэн фестиваль-күрэххэ тойуксуттарбыт,хомусчуттарбыт бөлөхтөрө 1 степеннээх лауреат аатын ылбыттара.Онтон коллектив “Лучщий костюм” спец. Бирииһинэн бэлиэтэммитэ. “Кыыс Дьуурайа” олоҥхоттон быһа тардыыбыт фестивальга Гран При буолбута.
Ноябрь ыйга 2019 сыллаахха коллектив “Живая традиция” диэн ХIII Международнай общественнай форумҥа ыҥырыллан кыттыыны ылбыта уонна Г.Дуяков “Кыыс Дьуурайа бухатыыр” олоҥхотун көрдөрбүтэ.
2020с.Үө.Бүлүү Оҥхойугар В.Константиновка аналлаах оһуокай түһүлгэтигэр Догуева А.В. “Кылыгырас кылыһах”, Прокопий Федоров “Бастыҥ этээччи” аатын ылбыта.
“Таланты земли Олонхо” диэнресп. Фестивальга “Улуу Кыайыыны уруйдуубут” тойук лауреат 1 степени буолла уонна “Фольклор” номинацияҕа 1 Гран При буоллубут. Александра Догуева В.И.Иванов “Күн Күбээдьэ бухатыыр” олоҥхоттон быһа тардан толорон, 2 степеннээх лауреат буолла.
“Дуораһый дорҕоонноох тойукпут” респ. онлайн-конкурска кыттан, А. Матвеева “Уруй Кыайыы саллаатыгар” тойугунан кыттан 1 степ.лауреат буолбута. В.Сухаринова “Сахам сирэ” тойуга 2 степ.лауреат, “Эҕэрдэ Саха сириттэн” бөлөҕүнэн тойук1 степ.лауреат буолбута.
Горнайга ыытыллыбыт респ. тойук онлайн-күрэҕэр А.Матвеева 1 степеннээх лауреат, К. Федоров 2 степеннээх лауреат, Айаана Антонова “Эдэр кэскиллээх тойуксут” аатын ылбыта.
Т.А.Кучурова респ. онлайн-оһуокай күрэҕэр кыайан, СӨ үтүөлээх оһуокайдьытын аатын ылбыта.
А.В.Догуева “Олоҥхо ассоциациятын” анал Знагынан наҕараадаламмыта.
“Зима начинается с Якутии” респ.фестивальга “Саҥа хаарынан, саҥа кэминэн” дьүһүйүү1 степ. Лауреат буолбута.
“АРТСЕВЕРА- Зима талантов” Бүтүн Россиятааҕы фестивальга кыттан, лауреат 1 степени буолбуппут.
2021с.Федоров П.Д. Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт респ. Олоҥхо ыһыаҕар, оһуокай күрэҕэр кыттан 2 миэстэни ылбыта.
2022с. Сунтаарга ыытыллыбыт С.А.Зверевкэ аналлаах “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” фольклорнай күрэххэ хомуска В.Платонов 2 миэстэни ылбыта.
2022с. “Хотугу кустук” международнай күрэххэ Т.Семенова норуот ырыатыгар 2 степеннээх лауреат, А.Догуева “Хорула Боотур” олоҥхону толорон, 1 степеннээх лауреат аатын ыллылар.
Үө.Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Өрөөбүт уоһу өһүлэн,хоммут уоһу хоҥнорон” күрэх “Хотун Бүлүү уран тыллааҕа” анал ааты олоҥхону толорооччу Александра Догуева ылбыта.
Олоҥхо ыһыаҕар “Кылыгырыы дьиэрэй,кылыһахтаах тойугум” Догуева Александра 3 үрдэли ылбыта.
Ньурба оройуонун ыһыаҕар Прокопий Федоров -Дархан этээччи аатын сүктэ.
Олоҥхо ыһыаҕар эдэрдэргэ Кылаан чыпчаал бирииһин ылбыта.
Билиҥҥи балысхан сайдыылаах үйэҕэ ийэ тылбыт, итэҕэлбит, сиэрбит- туоммут, баай полкулуорбут сириэдийэн сайда турдун!
“Талба талааннаахтар түһүлгэлэрэ” НФК салайааччыта: Николаева Розалия Николаевна,С.Ө култууратын туйгуна, “С.Ө.култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” Бэлиэ хаһаайына.
Вокальный ансамбль «Дьүрүйээнэ»
Танцевально — хоровой коллектив «Эрчим»
При народном танцевально — хоровом коллективе «Эрчим» (Год создания 1976 г., руководитель Отличник культуры РС(Я) Никифорова С. Г.) МБУ ДК «Кыталык» им Н. И. Харитонова — Николая Чуор работают танцевальные ансамбли: вновь созданный детский коллектив, молодёжный ансамбль «Кэрэл» (год создания 2017г.).
Руководитель ансамбля: Софронеева Алина Ивановна. окончила 2021г среднее — специальное образование «Якутский колледж культуры и искусств», в данное время получает высшее образование в ГБУ ВПО «Арктический государственный институт культуры и искусств» по направлению «Руководитель хореографическим любительским коллективом. Преподаватель».
Основная цель: Формирование и развитие индивидуальных возможностей и творческих способностей детей посредством хореографии, приобщение учащихся к миру прекрасного, с помощью искусства танца, развитие их художественного вкуса. Данные коллективы имеют свою концертную программу, состоящую из индивидуальных и ансамблевых номеров, постановок. Принимают участие во всевозможным конкурсах и фестивалях разного уровня. Участники ансамбля являются постоянными участниками культурно-массовых мероприятий ДК «Кыталык», городских и районных Ысыахов, Дней Нюрбинского района в г. Якутске. По идее Отличника Культуры РС (Я), алгысчита И. И. Попова Ансамбль «Кэрэли» совместно с нами успешно реализует проект «Күөх Ньурбаны дойду оностон» с 2017 года.