«Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…» Н.Н.Егоров — Ньукутта төрөөбүтэ 100 сылын көрсө.

Норуот талааннааҕа Н.Н.Егоров- Ньукутта төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан,самаан сайын ыһыахтарын көрсө «Ахтан- санаан ааһыаҕыҥ»-диэн биэриини көрөргүтүгэр ыҥырабыт! Биэриигэ кыттыыны ылыахтара Ньукутта кыра уола Егоров П.Н., чугас аймах- билэ дьонноро уонна удьуор утумун салгыыр талааннаах сиэн кыргыттара.

12 июня -День России

12 июня —  день великой страны, День России. Сегодня в сквере Любви состоялся торжественный митинг, приуроченный этому дню. С поздравительным словом выступила Куличкина М.К., первый заместитель Главы МО «Город Нюрба» по социальным вопросам. В этот прекрасный июньский день стартовала акция «Цветущая Нюрба» по посадке цветов и озеленению сквера.        Пользуясь случаем, коллектив Дворца культуры «Кыталык» благодарит неравнодушных граждан …

«Ахтан — санаан ааһыаҕыҥ»

Бэс ыйын күнүгэр 2 күнүгэр саха биллиилээх поэта,публициһа,Россия суруналыыстарын,Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Н.И.Харитонов- Николай Чуор төрөөбүтэ 86 сылын туолуутугар «Ахтан- санаан ааһыаҕыҥ» диэн биэриини бэлэмнээтибит. Бу биэриигэ «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү айар талааннаахтара кыттыыны ыллылар.

Ырыа күнүн көрсө «Кутаа тула ырыалар»…

Маннык бэлиэ күнү айар куттаах дьон саҥа бырайыактаах көрүстүбүт, ол курдук Анна Семенова – Арылы Кустук хоһоонугар, Иванна Ивановна Иванова мелодиятыгар — «Күнү көрсөр үчүгэйиэн», саҥа ырыаны уонна ону кытта клибы сүрэхтиибит. Бырайыак ааптара — Айаана Антонова, клип режиссера — Варвара Плотникова, устааччы — Альбина Лазарева, монтаж — Дмитрий Григорьев. Клип кэнниттэн «Кутаа уот тула» …

«Кэрэлиин күнү көрсө айанныыбын…»

      Ыам йыйн 22 күнэ – Ньукуолун күнэ. Сахаларга бу күн – сайыны көрсөр бырааһынньык. Бүгүн хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, кус буһар.     Бу үөрүүлээх күҥҥэ  айар талааннаах 70 үбүлүөйдээх сааһын ыла, Антонова Мария Васильевна “Кэрэлиин күнү көрсө айанныыбын..” диэн дьоһун быыстапканы дьон-сэргэ сэҥээриитигэр таһаарабыт.       Мария Васильевна үгүс сыллар тухары айар-тутар …

«Самаан сайыны көрсө сайылыкка көһүү сиэрэ — туома»

       Самаан сайын барахсаны былыр — былыргыттан хас биирдии саха ыала Аар айылҕаҕа сүгүрүйэн, аал уоту оттон, сир — дойду иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа арыылаах алаадьынан, үрүҥ сылгы сиэлинэн, кырылыы кыынньыбыт кымыһынан айах тутан күндүлүүр үтүө үгэстээх. Бу үгэһи тутуһан  «Талба талааннаахтар түһүлгэрэ» НФК кыттыылааҕа республика биллэр тойуксута ,оһуокайдьыта.  СӨ норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» …

«Дьиэ кэргэн-дьол уйата» Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах эҕэрдэ кэнсиэр

Ыам ыйын 15 күнэ-Дьиэ кэргэн Аан  дойдутааҕы күнэ. Дьиэ кэргэн диэн киһи тапталга уһуйуллар биһигэ буолар. Дьиэ кэргэҥҥит таптал, дьол уйата буолан, ил—эйэ эрэ эҥэрдэстин, холумтаҥҥыт сылаас, оҕо—уруу толору, олоххут баай—байылыат буолуохтун!

Саҥа саҕахтар — саҥа бырайыак

Н.И.Харитонов-Николай Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһа«Кэпсэтиэх» биэриини сүрэхтиир . Бырайыаксүрүн ис хоһооноинтириэһинэй олохтоох, дьарыктаах, ураты көрүүлээх дьону кытта кэпсэтии.       Хас биирдиибит бэйэтин дьиэ кэргэнин, үтүө үгэстэрин туһунан үгүһү кэпсиэн сөп. Дьиэ кэргэн —  таптал хатыламмат эйгэтин, өйдөһүүнү  уонна үтүө санааны түстээччи буолар.  Бүгүҥҥү маҥнайгы биэрии Аан дойдутаа5ы дьиэ кэргэн күнүгэр ананар. Бастакы ыалдьыппыт «Кыталык» …

С 1 мая по 12 МБУ ДК «Кыталык» им. Н.И.Харитонова-Николая Чуор провёл традиционный смотр-конкурс «Окна Победы».

В 2020 году по всей стране прошла Акция «Окна Победы», объединив нас всех в непростое время. Мы, россияне, показали насколько мы сильны духом, любим нашу страну, чтим историю и бережно храним память!Мы продолжили акцию и в этом году, сделав ее доброй традицией, определив основную цель как формирование у подрастающего поколения чувства патриотизма и любви к …

«Варяҕа…»

Саха бастакы поэтессата, киэн туттар биир дойдулаахпыт — Варвара Потапова бүгүн төрөөбүтэ 75 сыла! Бу бэлиэ күҥҥэ анаан Саргылана Фёдорова толкуйдаабыт бырайыагын сүрэхтиибит. Ньурбалар айар талааннаах дьоммутун өрө тутан, инники кирбиигэ илдьэ сылдьабыт. Кинилэр үлэлэрин үйэтитэр,иккис тыынныыр туһугар араас хабааннаах бырайыактары оҥорон дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарабыт. Ол курдук, Уйбаан Ороһуунускай тылларыгар, Дмитрий Потапов мелодиятыгар «Варяҕа» диэн ырыа …

➤