Бүгүн “Кыталык” култуура дыбарыаһыгар“Ньурба куората” муниципальнай тэриллии тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытар Оһуокайын түһүлгэтигэр Улуу оһуокайдьыттарбыт тэлбит айар аартыктарынан, кинилэр солообут суолларынан кэнчээрилиир ыччаппыт Саха ырыатын- тойугун, оһуордаах оһуокайын түһүлгэни өрө тутан таһаардылар.
1. Оҕо уһуйааннарын тэрилтэлэриттэн Вероника Иванова.
2. Ньурба оскуолаларын ааттарыттан Эльза Гагарина.
3. УПО тэрилтэлэриттэн Мария Додохова.
4. ЖКХ тэрилтэлэрин үлэһиттэрин ааттарыттан Андрей Антонов.
5. Культура Департаменын үлэһиттэрин ааттарыттан Адыльбек Искаков.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр Ньурба оройуонун Дархан этээччитэ — Ким Васильевич Федоров, “Кыталык” КД специалиһа, “Талба талааннаахтар түһүлгэлэрэ” Народнай фольклорнай коллектив салайааччыта Николаева Розалия Николаевна, “Кыталык” КД уус-уран салайааччыта, Саха Өрөспүүлүкэтин хас да төгүллээх кыайыылааҕа Габышева Саргылаана Анатольевна.
Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни ылыан ылла 30 бааллаах Андрей Антонов, иккис миэстэни 29 бааллаах Вероника Иванова ылла, үһүс миэстэҕэ 28 бааллаах таҕыста Мария Додохова, төрдүс миэстэҕэ 27 бааллаах Адыльбек Искаков уонна бэһис миэстэҕэ 26 бааллаах Эльза Гагарина таҕыста. Күрэх бары кыттыылаахтарын фестиваль биир көрүҥэ этэҥҥэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлиибит.