.
Буолар сирэ: Н.И.Харитонов- Николай Чуор аатынан “Кыталык” култуура дыбарыаһа.
Буолар кэмэ: Сэтинньи 28 күнэ, 2022с, күнүс 11ч.00м.
1.Кэмпириэнсийэ сыала-соруга: Олоҥхо-саха олоҕу анаарыыта,историята, философията, өркөн-өйө түмүллүбүт сүҥкэн айымньыта буолар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын таптыырга, саха буоларынан киэн туттарга иитии. Ону сэргэ баай фольклоругар, олоҥхотугар уһуйууну кытта дьүөрэлии тутан, научнайдык ырыта үөрэнэллэригэр суолу арыйан, киэҥ араҥаҕа таһаарыы,олоҥхо эйгэтин үөскэтии.
2.Кэмпириэнсийэ тэрийээччилэрэ: Ньурба оройуонун Культураҕа департамена,Ньурба оройуонун үөрэҕирии управлениета, Н.И.Харитонов-Николай Чуор аатынан “Кыталык” култуура дыбарыаһа, Ф.Г. Софронов аатынан кииннэммит библиотечнай систиэмэ”.
Сүрүн ирдэбиллэр: Кыттааччы олоҥхо уус-уран уратытын, тутулун, суолтатын, уобарастарын ырытан, аатырбыт олоҥхоһуттарын туһунан билиһиннэрэн кыттыыны ылыан сөп.
1.Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ, саха тылын,литературатын учууталлара, уһуйааччылар кытталлар.
2.Олоҥхону научнай өттүнэн чинчийии( доклад уһуна -15 мүн).
3.Доклад презентацията проекторынан көстөр буолуохтаах.
Кэмпириэнсийэ ыытыллыытын бэрээдэгэ:
1.Бэйэ чинчийиитэ,тиэмэни арыйыыта, матырыйаалы билэрэ сыаналанар.
2.Сайаапканы уонна үлэни 2022 сыл , сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри маннык электроннай ваадырыска ылабыт dkkutaluk@mail.ru
3. Дакылаат электроннай электроннай көрүҥүнэн ыытыллар (А4 формат, шрифт 12, Times New Roman, интервал– 1.5 стр) хаартыска уонна иллюстрация jpg . Бастыҥ үлэлэр тезистэрэ электроннай хомуурунньукка тахсаллар. Тезис ( үлэ ис хоһооно) кээмэйэ 1-2 стр.
Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһаарар.
Информацияны билсиһэр телефоҥҥут:
8984 104 02 54 Николаева Розалия Николаевна.
8914 232 46 93 Антонова Айаана Владимировна.