«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына – дуоһуйа истэр тыллара. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, бүгүн, алтынньы ый 29 күнүгэр, ол кэрэ кэмнэри санатардыы “Кыталык” КД киэҥ саалатыгар дьон бөҕө тоҕуоруһа муһунна. Араас ол сыллардааҕы плакаттар, лозуннар, кинигэлэр быыстапкалара турбут. Бу күн ахтыылар, хоһооннор, комсомол саҕанааҕы ырыалаах караоке ырыалар, баянынан үҥкүү, уоттаах – күөстээх дискотека, ыҥырыылаах ыалдьыппыт, баяннаах уол, кырачаан Артемка Васильев кэлэн ыллаан көрөөччү кутун тутан барда. Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон астынан, муннуларын аннынан киҥинэйэн «Эн, Комсомол, мин дьолум!” – диэн ыллыы ыллыы үөрэ-көтө тарҕастылар…