Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Саха сирэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация 1990 сыллаахха ылыллыаҕыттан төрөөбут дойдубут судаарыстыбаннаһын саҥа, аныгылыы кэрдииc кэмэ саҕаламмыта. Бу бырааһынньык – биһиги үгүс үйэлэрдээҕи үгэстэрбит, норуоппут талбыт көҥүлэ уонна демократия сыаннастара быстыспат биир сомоҕо буолууларын бэлиэтэ.
Биһиги биир дойдулаахпыт, ньурбалар киэн туттар чулуу дьоммутуттан биирдэстэрэ бөдөҥ политическай, судаарыстыбаннай деятель Степан Васильев Арассыыйаҕа Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрсибитэ. Күн бүгүн кини Саха сиригэр промышленность сайдыытыгар үлэлээбит сырата, үлэтэ салҕанан, сайдан — билигин кини төрөөбүт түөлбэтэ Аан дойдуга биллэр алмаас хостонор промышленнай оройуона буолла.
Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Степан Васильев аатынан болуосакка дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста. Миитин Степан Васильев бааматынньыгар ытыктабыл бэлиэтин — гирлянданы уурууттан саҕаланна. Мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тылы эттилэр, Эҕэрдэ тылы эттилэр «Ньурба оройуона» муниципальнай оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччыта Семенов Василий Николаевич, «Ньурба куорат» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Необутов Павел Семенович, Ньурба улууһун дьокутааттарын Сүбэтин аатыттан Акимов Иван Акимович, Степан Васильев аатынан Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия үөрэнээччитэ Никифорова Айта.
Бу күн болуосакка «Кыталык» КД эр дьонун ырыа ансаамбылын толоруутугар «Мэҥэдьэк уола Мэхээлэ» ырыа сүрэхтэннэ. Степан Васильев аатынан Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия оҕолорун толоруутугар Саха сирин гимнин кэлбит дьон сэҥээрэ иһиттилэр. Үөрүүлээх миитин оһуокайынан түмүктэннэ.
Киэһэ биэс чаастан «Кыталык» КД Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиир өрөгөйдөөх биэчэр буолла. Үөрүүлээх тэрээһин Өрөгөй үҥкүүтүнэн аһылынна.
Эҕэрдэ тылы эттилэр «Ньурба оройуона» муниципальнай оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччыта Семенов Василий Николаевич, «Ньурба куорат» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Необутов Павел Семенович.
Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ, ол курдук, салҕыы бырагыраамма быһыытынан Ньурба оройуонун Үлэһит династияларын “Ис сүрэхтэн” чиэстээһин биэчэрэ ыытылынна. Ыытааччылар Лена Степанова уонна Михаил Кутана, сырдык сыанаҕа биир биир медик уонна учуутал идэлээх Ньурба оройуонугар олорор династиялары кытта билиһиннэрдилэр.
Бастакынан саамай элбэх киһилээх уонна уһун стажтаах үүнэр көлүөнэбитин, кэнчээри ыччаппытын Билии сырдык аартыгынан айаннаппыт уонна айаннатар Егоровтар уонна Ивановтар учууталлар династияларыттан Клавдия Петровна Егорова кэпсээн билиһиннэрдэ. Егоровтар улахан аҕа уустарын уонна Ивановтар ийэ уустарын бииргэ түмпүт, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Мария Андреевна Капустина “Нюрба гордится их именами” кинигэ автора, бу династияларын таһаарааһыҥҥа элбэхтик үлэлэспит киһи, сыралаах үлэтин туһунан кэпсээтэ.
Салҕыы Третьяковтар эмчит династияларын кытта билистибит, дьон-норуот эмчиттэри ытыктаан, үрүҥ халааттаах аанньалларбыт диэн мээнэҕэ ааттаабаттар. Бу эмчит династиялар доруобуйа харыстабылыгар барыта холбоон, 403 сыл мед.стажтаахтар, ол туһунан Герасимова Маргарита Михайловна сырдатта, салҕыы көлүөнэтин туһунан Марина Фрументьевна кэпсээтэ.
Тыа сирин учууталлара оҕо үөрэтиитинэн, иитиитинэн эрэ дьарыктамматтар. Кинилэр культура уонна духовность сайдыытыгар төһүү күүс буолаллар, аны художественнай самодеятелность саамай эргийэр киинигэр сылдьаллар, лекция ааҕан үлэ дьонун сырдаталлар, ол курдук Филипповтар уонна Ивановтар учуутал династияларыттан Семенова Вера Степановна кэпсээн саалаҕа мустубут дьоҥҥо билиһиннэрдэ.
Ньурбаҕа Жирковтар диэн быраас дьиэ кэргэни билбэт киһи суоҕа буолуо. Вера Яковлевна Егоровтар эмчит династияларын утумнааччы буолар. Олохторун доруобуйа харыстабылыгар анаабыттара, Вера Яковлевна төһөлөөх оҕоҕо күн сирин көрдөрүспүтүн, онтон Руслан Захарович төһөлөөх киһини өлөр өлүүттэн, ыарахан ыарыыттан быыһаабытын ааҕан сиппэккин. Дьокуускайга көһөн, Вера Яковлевна идэтинэн салгыы үлэлии-хамсыы сылдьар, аныгы үйэ сиэринэн Вера Яковлевналаах Руслан Захарович саалаҕа буола турар тэрээһини быһа эпииргэ көрөн, истэн биһигини кытта бииргэ буоллулар.
Күндээдэттэн Дмитриевтар учуутал династияларын Дьокуускай куоракка чиэстээбиттэрин НВК ханаалыгар көрбүт буолуохтааххыт.Биһиги бүгүҥҥү биэчэрбитигэр кыттыыны ылан кэпсээтилэр Максимова Христина Ахметовна уонна Дмитриев Эллэй Ахметович.
Тэрээһин түмүгэр учууталлар династияларын эҕэрдэлээтэ оройуоннааҕы үөрэҕирии салайааччыта — Ушканов Федор Федорович , эмчиттэр династияларын эҕэрдэлээтэ доруобуйа харыстабылын Ньурба оройуонун киин балыаһатын сүрүн бырааһа – Павлова Наталья Николаевна.
Бүгүҥҥү Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүгэр Ньурба оройуонун үлэһит династияларын чиэстээһин биэчэрэ оһуордаах оһуокайынан түмүктэннэ.